Бэлиэ сыл
С. Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс быйыл тэриллибитэ 110 сыла. Үбүлүөйдээх сылынан Саха сирин биир тарбахха баттанар, педагогтары бэлэмниир орто үөрэх кыһатын дириэктэрэ Изольда Николаеваны кытта кэпсэттибит.
Уонунан тыһыынча устудьуон
— Изольда Ивановна, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс быйыл төрүттэммитэ 110 сыллаах үбүлүөйэ. Бу бэлиэ сылы туох ситиһиилэрдээх көрүстүгүт?
— Кылгастык кэллиэс устуоруйатын ахтан аастахха, Учууталлары бэлэмниир сэминээрийэ 1914 сыллаахха аһыллыбыта. Күн бүгүҥҥэ диэри үс түһүмэҕи ааста: учууталлар сэминээрийэлэрэ, учууталлар тиэхиньикумнара, педагогическай училище уонна билигин педагогическай кэллиэс диэн ааттанан үлэлии олоробут. Автономияны тэрийсибит П. Ойуунускай, М. Аммосов, И. Барахов, С. Аржаков, С. Гоголев уо. д.а. уһулуччулаах дьоммут, уопсастыбаннай диэйэтэллэр биһиги үөрэхпит киэн туттар выпускниктара буолаллар. Күн бүгүн тыһыынчанан үөрэнээччибит өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар, уһуйааннарыгар таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар.
Ситиһиибит үгүс, ааспыт сыл түмүгүнэн эрэгийиэн хаачыстыбалаах биэс бастыҥ орто үөрэҕин ахсааныгар киирдибит, Саха сирин кэллиэстэриттэн бастакынан үөрэх бырагыраамаларын профессиональнай-уопсастыбаннай аккредитациятын туһунан Кузбасстааҕы атыы-бырамыысыланнас балаататын сибидиэтэлистибэтин ыллыбыт. “Профессионалитет” федеральнай бырайыак куонкуруһун гранын сүүйэн (60,5 мөл. солк.), эһиил кэллиэскэ “Педагогика” үөрэх кластера тэриллиэҕэ. Кластерга 3 оскуола, 2 оҕо уһуйаана, 2 педагогическай кэллиэс, Оҕо айымньытын дыбарыаһа киириэҕэ.
Кластерга 3 оскуола, 2 оҕо уһуйаана, 2 педагогическай кэллиэс, Оҕо айымньытын дыбарыаһа киириэҕэ.
Аҕыйах хонуктааҕыта устудьуоннар көҕүлээһиннэрин өйүүр Ил Дархан гранын ыллыбыт. Устудьуоннарбыт араас тэрээһиннэргэ хото кытталлар, бастыыллар, миэстэлэһэллэр. Ааспыт үөрэх дьылын түмүгүнэн үс оҕобут демоэксээмэни 100 баалга туттаран, устудьуоннарбыт, уһуйааччыларбыт 100‑түү тыһ. солк. суумалаах Ил Дархан сэртипикээтин туттулар.
— Ханнык идэлэргэ үөрэтэҕит?
— Күн бүгүн иитээччи, алын кылаас, физкултуура, муусука учууталлара, алын кылааска коррекционнай педагогика, эбии үөрэхтээһин педагога дьупулуомнаах дьону үөрэтэн таһаарабыт. Былырыыҥҥыттан саҥа сүүрээни киллэрдибит. Ол курдук, 1 кууруска иитээччи идэтигэр үөрэнэр устудьуоннар босхо алын иитээччи (младший воспитатель), алын кылаас учууталыгар үөрэнээччилэр — баһаатай, физкултуура учууталлара — туризм исписээлинэһин ылаллар. Быйыл ити хайысханы кэҥэтэн фитнес-тириэньэр, дьыаланы сүрүннээччи, сыыппара волонтера оробуочай исписээлинэстэри эптибит. Сибидиэтэлистибэлээх устудьуоннарбыт быйылгыттан номнуо лааҕырдарга үлэлээтилэр.
Куонкурус үрдүк
— Педагогическай кэллиэскэ туттарсыан, педагог буолуон баҕалаах оҕо төһө элбэҕий?
— Бүддьүөттэн 210 миэстэ көрүллэр. Быйыл урукку үөрэхпитин сөргүтэн, 9‑с кылаас кэнниттэн алын кылаас учууталын идэтигэр сүүмэрдээтибит. Биир миэстэҕэ 11–12 оҕо куонкурустаста, үгүстэрэ аттестааттарыгар 4,5‑тэн үөһэ бааллаахтар киирдилэр. Куонкурус үрдүк, онон төлөбүрдээх үөрэххэ эбии ыллыбыт.
Кэтэхтэн эмиэ үөрэтэбит. Быйылгы уратыбыт диэн, Өлүөхүмэ улууһун үөрэҕин управлениетын кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, иитээччи идэтигэр 20 миэстэҕэ үлэлии сылдьар дьону үөрэххэ ыллыбыт. Куоракка кэлэ сорумматтар, преподавателлэрбит онно миэстэтигэр тиийэн үөрэтэллэр.
Устудьуоннуу сылдьан үлэлииллэр
— Үөрэҕи бүтэрбит оҕолоргутуттан хас бырыһыана идэтинэн үлэлиирий?
— Саҥа сокуоҥҥа олоҕуран, былырыыҥҥыттан үөрэхтэрин бүтэрээри сылдьар устудьуоннарбытын үлэҕэ киллэрдибит. Холобур, ааспыт үөрэх дьылыгар 22 устудьуон куорат оскуолаларыгар үлэлээбитэ. Быйыл эмиэ уонтан тахса устудьуон холонон эрэр. Үлэһит быһыытынан хамнас төлөнөр, үөрэхтэрин куоттарбаттар, тус кыраапыгынан үөрэнэллэр. Уонна биир кэрэхсэбиллээҕэ диэн, дьупулуом ылан баран ол оскуолаларыгар салгыы үлэлии хаалаллар.
— Оттон улууска үлэлии барааччы төһө элбэҕий?
— Бааллар, ааспыт үөрэх дьылыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун икки оскуолатыгар үлэлии тиийбиттэрэ. Оҕолор төрөөбүт улуустарыгар үлэлииллэрэ ордук табыгастаах. Бу бүтэһик кэтээн көрүүнэн, быйыл бүтэрбиттэртэн 63% бэйэлэрин идэлэринэн үлэлээн эрэллэр. Быһа холуйан 50% улуус үөрэҕин кыһаларыгар тиийдилэр. 9‑с кылааһынан үөрэххэ киирбиттэр олус эрдэ бүтэрэллэр, онон салгыы Педагогика институтугар үрдэтинэр баҕалаахтар. Быйыл 17 оҕобут үөрэммит хайысхатынан күнүскү үөрэххэ киирдэ. Муусука учууталлара идэлээхтэр Муусука үрдүкү оскуолатын таһынан, Казань куоракка култуура судаарыстыбаннай институтугар бараллар. Уолаттары үгүстэрин ытык иэстэрин төлөтө аармыйаҕа ыҥыртыыллар.
Педагогическай куурустар, кылаастар
— Кэлин ханна баҕарар педагог тиийбэтин туһунан элбэхтик этиллэр. Эн санааҕар, ити кыһалҕаны хайдах быһаарыахха сөбүй?
— Педагогическай кэллиэстэр алын кылаас, физкултуура, муусука уонна уруһуй учууталларын бэлэмнээн таһаарабыт. Аһаҕас вакансиялары көрдөххө, сүрүннээн физика, химия, математика, биология биридимиэттэрин учууталлара тиийбэттэр. Ол иһин быйыл учууталлары саҥалыы бэлэмниир кууруһу (переподготовка) арыйаары, үөрэхпит былаанын көрө олоробут. Орто үөрэхтээх да алын кылаас учууталлара биһиэхэ кэлэн икки-үс ый үөрэнэн, дьупулуом ылаллар уонна дойдуларыгар тиийэн 5–6‑с кылаастарга математиканы, нуучча тылын биридимиэттэрин үөрэтэр кыахтаналлар. Ити икки кылааһы даҕаны көҕүрэттэххэ, анал идэлээх математика, нуучча тылын учууталларын ноҕурууската биллэ көҕүрүөх этэ.
Бүлүүтээҕи профессиональнай педагогическай кэллиэс Саҥа технологиялар институттарын кытта үлэлэһэн, учууталлары саҥалыы бэлэмниир кууруһу арыйда. Информатика, математика, омук тылын идэтигэр 24 курсант үөрэҕи саҕалаата. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ учууталларыгар идэ таһымын үрдэтэр куурустары ыытабыт. Иитээччи, муусука, физкултуура учууталларыгар эмиэ туспа бэлэмниир куурустаахпыт.
— Аҕыйах сылтан бэттэх педагогическай үөрэх кыһаларын иһинэн оскуолаларга педкылаастар аһыллан эрэллэр. Ити төһө көдьүүстээх быһыылааҕый? Түмүгэ көстөн эрэр дуо?
— Улуустарынан педагогика-психология кылаастара тэриллэллэр. Педагог идэтин баһылыан баҕарар оҕо элбэх. Холобур, ааспыт нэдиэлэҕэ Чурапчы улууһун Болтоҥо оскуолатыгар 21 оҕолоох бөлөҕү астыбыт. Уопсайынан, чурапчылар ким-хайа иннинэ урутаан иһэллэр, номнуо улуус түөрт оскуолатыгар кылаастаахтар: Бахсы, Чурапчы 1‑кы, 2‑с нүөмэрдээх оскуолаларыгар. Педагогика кылааһыгар үөрэммит оҕолор үс — биһиги, Нам, Бүлүү кэллиэспитигэр туттарсар түгэннэригэр, баал эбэбит. Былырыын Өлүөхүмэ улууһун оскуолаларынан сылдьыбыппыт, ол иһин быйыл Өлүөхүмэттэн элбэх оҕо туттарыста. Онон миэстэтигэр тиийэн көрсөр көдьүүстээх быһыылаах диэн бэлиэтии көрдүбүт. Кыһыҥҥы сынньалаҥҥа бэйэбит сүрүннүүр кылаастарбыт оҕолорун ыҥыран идэни билиһиннэрэр, ыкса сыһыарар тэрээһини ыытар былааннаахпыт.
Уһуйаан, оскуола
— Кэллиэс иһинэн аҕыйах сыллааҕыта алын сүһүөх оскуола тэриллибитэ. Хайдах үлэлии турар?
— Кэллиэс иһинэн 20 миэстэлээх уһуйааннаахпыт, манна кэтэхтэн үөрэнэ кэлбит устудьуоннарбыт оҕолорун эмиэ сырытыннарыахтарын сөп. 225 үөрэнээччилээх, сахалыы, нууччалыы кылаастардаах алын оскуолалаахпыт. Кылааска 25‑тии оҕо үөрэнэр. Устудьуону үлэҕэ сыһыаран үөрэтиигэ сүрүн баазаларбыт буолаллар. Үлэ биэрээччини кытта ыкса ситимнээхпит.
Күн бүгүн үбүлүөйдээх үөрэх кыһата — Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс ити курдук таһаарыылаахтык, араас хайысханы тэҥҥэ дьүөрэлии тутан үлэлии-хамсыы олорор. Өссө даҕаны киэҥ далааһыннаах толкуйдардаах.
Хаартыска: сэһэргэһээччи тус архыыбыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: