Бу күннэргэ Литваҕа Вильнюс куоракка НАТО уочараттаах сугулаана буолан ааста. Мунньахтарын сүрүн бэбиэскэтэ — Украина боппуруоһа этэ. Хотугу Атлантика дуогабарын тутуһааччылар Украинаны бэйэбит састааппытыгар ылыахпытын сөп, ол эрээри хаһан ыларбыт биллибэт диэн эттилэр.
НАТО уонна Украина
Украина НАТО-ҕа 2005 сылтан “түргэн кэпсэтии” эрэсиимигэр сылдьар. Ол аата бу бөлөххө киириигэ бэлэмнэнии эрэсиимэ. 2010 сыллаахха бэрэсидьиэнинэн Виктор Янукович анаммытын кэннэ, бу боппуруос “тоҥоруллан” тохтуу сылдьыбыта. Ол эрээри бу “тоҥоруу” өр барбатаҕа, “Евромайдаан”, Крым, Донбаас айдааннарын кэнниттэн, 2015 сылтан НАТО-ны кытары үлэлэһиитин күүһүрдүбүтэ. 2018 сыллаахха Украина НАТО-ҕа киириэн сөптөөх хандьыдаат быһыытынан көрүллүбүтэ. 2020 сыллаахха Хотугу Атлантика дуогабарын тутуһааччылар Украинаҕа бөлөххө киирэргэ бастакы хардыыны оҥороругар кыаҕы биэрбиттэрэ. Оттон былырыын Украина НАТО-ҕа киирэригэр сайабылыанньатын суруйбута.
Манна санатан этиим, НАТО — бу байыаннай бөлөх. Манна култуура да, үөрэх да туһунан кэпсэтии ыытыллыбат. Бу бөлөх 1949 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуустан көмүскэнэр сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ. Өскөтүн аан бастаан тэриллиилэригэр АХШ, Канада, Исландия, Англия, Франция, Бельгия, Нидерланды, Люксембург, Норвегия, Дания, Италия уонна Португалия баар эбит буоллахтарына, билигин 31 дойду бу бөлөххө киирэн турар. Былырыын манна Финляндия кыттыспыта. Швеция быйылгы саммикка чилиэн буолар толору кыаҕы ылла. Бу иннинэ Турция, НАТО чилиэнин быһыытынан, бэйэтин сөбүлэҥин (дойдулар бэйэлэригэр ратификация ыытыахтаахтар) биэрбэккэ сылдьыбыта.
Бу иннинэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин НАТО бэйэтин састаабын кэҥэтиэ суохтааҕын, Арассыыйа кыһыл зонатыгар киирэрэ табыллыбатын, ыаллыы олорор судаарыстыбаларга бэйэтин байыаннай базатын туруоруо суохтааҕын хаста да мунньахтарга этэн турар. Ол эрээри былырыын Финляндияны “уот ылар курдук” биир сылынан докумуонун барытын ситэрэн, састааптарыгар ылбыттара. Быйылгы мунньахха Украина, бэрэсидьиэн Владимир Зеленскэй саайтын көрдөххө, эмиэ оннукка эрэммит быһыылаах да, Хотугу Атлантика дуогабарын бөлөҕө атыннык эргитэн таһаарда.
Быйылгы мунньахха
Быйылгы мунньахха НАТО Украинаҕа састаапка киирии усулуобуйатын сымнатан биэрэргэ эрэ эттэ. Бастакы усулуобуйанан дойду чилиэн быһыытынан киирэригэр киэҥ былаанын оҥорон биэриэхтээх. Бу былааны НАТО Украинаттан көрдөөбөтө, бука, наадата суох диэтэҕэ. Бөлөх генеральнай сэкирэтээрэ Йенс Столтенберг: “Дойдулар Украинаны өйүүллэрин биллэрдилэр, бу дойду чилиэн буоларыгар бастакы хардыы оҥоһулунна. Биһиги Украинаны салгыы да өйүү олоруохпут, Украина-НАТО сэбиэтин тэрийиэхпит. Ол эрээри альянска киирии боппуруоһа Украина сэриини кыайарыттан-кыайбатыттан тутулуктаах буолуоҕа. Кыайбатаҕына — бу туһунан кэпсэтии турара саарбах”, — диэн иһитиннэрдэ пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр. Онон Украина билиҥҥитэ НАТО-тан ытыс сотунна эрээри, син-биир үбүлээһинин ыла олорор буолла. Санатан эттэххэ, билигин Украинаҕа Америка Холбоһуктаах Штата, Европа атын дойдулара байыаннай көмөнү ыыта олороллор. Холобур, былырыын олунньуттан саҕалаан Европа дойдуларыттан барыта 79,8 млрд. дуоллары ылбыта биллэр. Былырыын НАТО Мадридка ыыппыт саммитыгар 2030 сылга диэри былаанын оҥорон иһитиннэрбитэ. Онно Арассыыйаны уонна Кытайы сүрүн утарылаһааччылар быһыытынан билиммитэ. Быйылгы да саммикка бөлөх ити этиитин уларыппата эрээри, биир тылы буларга бэлэммит диэн иһитиннэрдэ. Ол эрээри биир өттүнэн Арассыыйа уонна Белоруссия байыаннай күүстэрин холбообуттарын сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. Ону таһынан тас дойдулар Арассыыйаҕа ханнык баҕарар көмөнү оҥороллоро тохтуохтааҕын иһитиннэрдэ.
Санаалар, этиилэр
Дмитрий Медведев, Куттал суох буолуутун сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Вильнюска буолбут НАТО мунньаҕын түмүгүн көрдөххө, Украинаны чилиэн быһыытынан ылыналлара саарбах. Кырдьык, бөлөххө киирии усулуобуйатын чэпчэттилэр эрээри, чилиэнинэн хаһан ылаллара биллибэт. Ол аата хоруйа судургу — суох. Бу туһунан ким да аһаҕастык этиэн баҕарбат. Иккис өттүнэн, НАТО Украинаҕа байыаннай өттүнэн көмөлөһө олорорун эттэ. Ол аата байыаннай эпэрээссийэ сыалын-соругун тохтоппот.
Анатолий Антонов, Америка Холбоһуктаах Штатыгар Арассыыйа посола:
— Вильнюска буолбут көрсүһүү НАТО Арассыыйаны утары тас дойдуларга улахан үлэни ыытарын өссө төгүл көрдөрдө. Билигин кэлэн биһиги кэннибит диэки хардыылыыр кыахпыт суох, байыаннай эпэрээссийэ салгыы барар. НАТО бэйэтин сыалын-соругун көрдөрдө, иһитиннэрдэ, онуоха Украинаҕа буола турар быһыы-майгы киниэхэ улахан оруолу оонньообот. Америка билигин туох-баар күүһүн барытын ууран эрэр, аан дойдуга соҕотох күүстээх дойду буолар туһугар.
Мария Захарова, РФ тас дьыалаларга министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ:
— НАТО генеральнай сэкирэтээрэ Йенс Столтенберг Украина кыайбатаҕына бу дойдуну чилиэн быһыытынан ылыы көрүллүбэт диэн көнөтүк эттэ. Оччоҕо тоҕо саммикка бу боппуруоһу туруоралларый? НАТО Арассыыйаны кытары мөккүһүүгэ киирэр санаам суох диир. Биллэн турар, мөккүһүү биир өттүгэр кыттыһа туран оннук диирэ биллэр. Онон, мин санаабар, бу мунньах тугу да күттүөннээҕи аҕалбат мунньах.
Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…
«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…
Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…
Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…
Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…