Салгыы
Бэлисипиэтинэн айаннааччылар Орто Суртан Бүлүүлүүр туһаайыыны тутустулар

Бэлисипиэтинэн айаннааччылар Орто Суртан Бүлүүлүүр туһаайыыны тутустулар

10.07.2024, 10:34
Хаартыска уонна видео -- Мария Осипова тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ  марафонец-айанньыттар Мииринэйгэ  бэлисипиэтинэн айаҥҥа туруннулар.

Бу айаннарын туһунан  Ангелина Петрова уонна Ольга Семенова  «ВелОСА  Саха»диэн телеграм ханаалларыгар сырдаталлар. Бэҕэһээ кинилэр Горнай улууһун Маҥаны нэһилиэгэр тохтоон, хонон аастылар.

Онно кинилэр лааҕыр оҕолорун кытта көрсөн айаннарын кэпсээтилэр, бэлисипиэтинэн сырыыга сэрэхтээх буолууну сырдаттылар.  Оҕолор көрсүһүүнү бэркэ сэҥээрдилэр.

— Аара трассаҕа сорох дьон айаннаан иһэрбитин көрөн, түргэнник айаннаан иһэн, арыый туттуналлар, сорох олох түҥнэри көтүөх айылаах аттыбытынан элээрдэн ааһан куттуур.   Таастара киһиэхэ кэлэн түһэр, ол ыарыылаах баҕайы. Ордук джип массыыналаах дьон оннук сиэрэ суох түргэннэр. Улахан  уйуктаах массыыналар уонна таксилар эрдэттэн көрөн бытаараллар. Ааһыма уонна Орто Сурт  суола былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, икки арда  мөлтөөбүт аҕай. Былырыын баччаларга Бүлүүгэ диэри эмиэ бэлисипиэтинэн айанныырбытыгар түргэнник кэлбиппит. Быйыл олох бытаардыбыт, — диэн кэпсииллэр айанньыттар.

Ангелина Петрова уонна Ольга Семенова ыалынан доҕордуулар эбит. Иккиэн учуутал идэлээхтэр. «Айаммытын өрүү кэргэннэрбит тэрийэн, бэрийэн ыыталлар, кинилэр эмиэ доҕордуулар, иккиэн үстүү оҕолоохпут«, диэн бэлиэтииллэр бэлисипиэт успуордунан дьарыктанааччылар.

Мииринэйгэ бэлисипиэтинэн айаннааччылар тустарынан ааҕан баран, үгүс киһи санаатын үллэһиннэ. Сөҕүү-махтайыы быыһыгар үксүгэр «аара тыатааҕы элбээбит, кытаатан сэрэнэ сырыттыннар» диэн сэрэтэллэр.

Айанньыттар бу сарсыарда Орто Суртан арахтылар уонна Бүлүү улууһун туһаайыытын тутустулар.

«Этэҥҥэ айаннааҥ, айаҥҥыт алгыстаах буоллун!» дии хааллылар Орто Сурт ыалдьытымсах дьоно.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: