Бэлитиичэскэй диэйэтэл А.П. Илларионовы ахтан-санаан аастылар

Share

Бу күннэргэ өр сылларга СӨ бастакы ыҥырыылаах Ил Түмэнин бэрэстэбиитэллэрин Палаататын бэрэссэдээтэлэ, СӨ үтүөлээх юриһа, тылбаасчыт, бэйиэт Афанасий Петрович Илларионов 80 сааһын бэлиэтиир тэрээһиннэр буола тураллар.

Ааспыт өрөбүллэргэ норуот дьокутааттара Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай, общественнай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Афанасий Илларионовка анаммыт тэрээһиҥҥэ кытыннылар. Тэрээһин Чурапчы улууһун Туора Күөлүгэр ыытыллынна.


Үөрүүлээх тэрээһин А.П.Илларионова пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланна. Бу күн Афанасий Петрович кэргэнэ Венера Егоровна, аймахтара, чугас доҕотторо кыттыылы ыллылар.
Афанасий Илларионовка аналлаах тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын уонна тус бэйэтин аатыттын мустубут дьону эҕэрдэлээтэ уонна сүдү киһи Саха сирэ сайдарыгар үтүө өҥөлөөҕүн, өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ киэн туттарын тоһоҕолоон эттэ.
«Афанасий Петрович наһаа уйан дууһалаах киһи этэ, кини олус үчүгэйдик быһааран кэпсиир дьоҕурдааҕа, ылыннарыылаах тыллааҕа. Билиҥҥэ диэри мин кинини кытары тугу кэпсэппиппитин, дьүүллэспиппитин бу баардыы өйдүүбүн», — диэн Алексей Еремеев бэлиэтээтэ.


Итини сэргэ норуот дьокутааттатара Михаил Гуляев уонна Павел Пинигин, тыа хаһаайыстыбатын министрэ Александр Атласов үтүө киһи туһунан тыл этэн, ахтан-санаан аастылар.
Өйдөбүнньүк тэрээһин олус истиҥник ааста.
Санатан этэр буоллахха, А.П. Илларионов дьокутаат, бэлитиичэскэй диэйэтэл эрэ буолбакка, нууччалыыттан сахалыы тылбаас маастарын быһыытынан эмиэ биллэр. Кини Сергей Есенин «Персидские мотивы», «Слово о полку Игореве» уонна Расул Гамзатов сонеттарын тылбаастаан дьон сэҥээриитин, биһирэбилин ылбыта.

Хаартыскалар Ил Түмэн саайтыттан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 минут ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

37 минут ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

1 час ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

2 часа ago