Белоруссиятааҕы история түмэлигэр Федор Поповка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа аата иҥэриллибит Ыйаах куоппуйата туттарылынна

Share

Айсен Николаев алтынньы 1 күнүгэр, оптуорунньукка, Минскэйгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин историятын судаарыстыбаннай түмэлигэр сырытта. Ил Дархан ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиума Федор Поповка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа аата иҥэрбит Ыйааҕын куоппуйатын туттарда диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сэбиэскэй саллааттар хорсун быһыыларын туһунан өйдөбүнньүгү харайар түмэлгэ, красноармеец Федор Попову сэргэ, Белоруссияны босхолооһуҥҥа кыттыбыт Саха сирин биир чулуу уола, аатырбыт снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аата эмиэ бэлиэтэммит.

«Биһиги бырааттыы норуоттарбытыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан өйдөбүлү үйэтитии, историческай кырдьыгы харыстааһын уонна ону сымыйалыырга сорунуулары утарсыы – кэлэр көлүөнэлэр тустарыгар туруулаһар ытык иэспитинэн буолар», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Беларуссия историятын уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин судаарыстыбаннай түмэлэ – ХХ үйэ саамай хаан тохтуулаах сэриитигэр анаммыт судаарыстыбаннай култуурунай тэрилтэ буолар. Түмэл дьиэтэ Белоруссия киин куоратын бэлиэ миэстэтигэр – «Минск – город-герой» стела аттыгар тутуллубут уонна «Победа» түмэл-паарка комплексын иһигэр киирэр.

Түмэлгэ 8 тыһыынчаттан тахса быыстапка матырыйаала турар. Пуондата 30 хомуурунньуктан турар уонна 155 тыһыынчаттан тахса устуука маллаах: Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын хаартыскалара, докумуоннара, суруктара уонна тус маллара.

Эрдэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыларыгар ыар сэрии кэмигэр үөскээбит «доҕордоһуу уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү ситимнэрин» бөҕөргөтүү суолталааҕын бэлиэтээн турар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

11 часов ago