Беннетт арыытыгар — саха балаҕана

Share

 “Арассыыйа – мин устуоруйам”  история пааркатыгар Де-Лонг архипелагын Беннетта арыытыгар сылдьан кэлбит Нуучча географическай уопсастыбатын эспэдииссийэтин чилиэннэрэ бэйэлэрин айаннарын түмүгүн таһаардылар.

Арассыыйа быыһааччыларын сойууһун Саха сиринээҕи салаатын  салайааччыта Николай Находкин салайан сырытта. Нуучча географическай уопсастыбата тэрийэн ыыппыт эспэдииссийэтэ соругун толорон, арыыга үүммүт үүнээйини хомуйан, уу биологическай боруобаларын ылан кэллилэр. Ону тэҥэ, Арктика эҥэригэр сейсмическэй хамсааһыннары сэрэтэр сыаллаах үлэ барыах тустааҕын бэлиэтээтилэр. Эспэдииссийэҕэ Саха сирин үс быыһыыр  сулууспатын быыһааччылара кыттыыны ыллылар.

Көрсүһүү эспэдиисийэ уунан сырыытын, научнай стационарга хайдах үлэлээбиттэрин, саха балаҕанын туруорбут  устууларын киинэтиттэн саҕаланан, хайдах эрэ мустубут дьон бэйэбит айаҥҥа сылдьыбыт курдук сананныбыт.

ВИДЕО

Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Александр Горохов бэлиэтээбитинэн, эспэдииссийэ чилиэннэрэ кинилэр иннилэринэ Лаптев уонна Илин Сибиир муораларын  ким да айаннаабатах 800 км уунан айааннаабыттара – хорсун быһыы.

Хамаанда салайааччыта Николай Находкин Беннетта арыыны чинчийиигэ туһуламмыт научнай стационары туруорбуттарын сиһилии кэпсээтэ. Ол кэнниттэн салгыы манныгы бэлиэтээтэ:

АХШ Арктическай декларациятыгар олоҕуран, Арктика туһаҕа тахса илик сирдэрэ ким да бас билиитигэр киирсибэттэр эбит. Бүгүҥҥү күҥҥэ Де-Лонг арыылара Арассыыйаҕа – Саха сиригэр, чуолаан, Булуҥ улууһугар киирсэллэр.  Биһиги Саха АССР 100 сылыгар анаан бу эспэдиисийэбит үлэтинэн Хотугу Муустаах акыйаан арыыларыгар Саха сирэ уонна Арассыыйа научнай үлэни ыыталларын бигэргэттибит. Ол  туоһута – научнай стационар быһыытынан тутуллубут саха балаҕана.

Маны таһынан, сэргэ уонна православнай кириэс – эмиэ дойдубут сүрүн символлара. Чинчийбит сирбитигэр  кэмиттэн кэмигэр буруо дуу, гаас дуу тахсара интэриэһиргэттэ. Биллэн турар, ону научнай чинчийии эрэ быһаарар.

Маны таһынан, эспэдииссийэ чилиэннэрэ аан дойдуга бастакынан ол арыы үүнээйитин гидробиологическай гербарийын хомуйбуттар. Бу үлэлэрин Санкт-Петербургдааҕы Ботаническай институкка туттарбыттар. Өссө муустаах ууга киһи тыыннаах хаалар туругун эмиэ чинчийбиттэрэ сөхтөрдө.

Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов бу айан Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммытын бэлиэтээн туран, эспэдииссийэ кыттыылаахтарыгар үбүлүөйдээх бэлиэни туттарда.

Тэрээһин биир сүрүн түһүмэҕинэн Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаата уонна «Уус Ленскэй» айылҕа заповеднига салгыы бииргэ үлэлээһиҥҥэ илии баттаһыылара буолла.

Мин эспэдииссийэ туһунан “Арассыыйа – мин устуоруйам”  история пааркатын дириэктэрэ Дмитрий Соловьевтан санаатын үллэстэригэр көрдөстүм.

— Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаата дойдуга биир олус көхтөөх үлэлээҕинэн биллэр. Тэрилтэ Бэпэчиитэлискэй сэбиэтин Ил Дархан Айсен Николаев салайар. Онон кини бары ыытыллар үлэни, сонун бырайыактары билэн олорор. Үлэбит ис хоһооно олус киэҥ, далааһыннаах: эспэдииссийэ арааһын тэрийэбит, Өлүөнэ очуостарыгар сайыҥҥы оскуолалар, кинигэ, альбом таһаарыыта, АлСиб трассатын устуоруйатын чинчийиигэ көмөлөһүү. Бүгүҥҥү күҥҥэ Арассыыйа быыһааччыларын сойууһун Саха сиринээҕи салаатын салайар Николай Находкин эспэдииссийэтэ Бенетта арыыга туруорбут научнай ыстаансыйатын таһынан, биир научнай ыстаансыйа Өймөкөөн улууһун Лабыҥкыр күөлүгэр баар. Итинник ыстаансыйалары туруорууну биһиги кэҥэтэн иһиэхпит. Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ Георгий Никонов салайар “Пути великих свершений” эспэдииссийэ үлэтин эмиэ өйүүбүт. Хаҥалас улууһун Ой орто оскуолатын үөрэнээччилэрин “Эллэйада” эспэдииссийэлэрин (сал. Прокопий Ноговицын, научнай сал. биолог учуонай Никита Соломонов) эмиэ биһиги сүрүнннүбүт. Улуустарга 9 олус көхтөөх үлэлээх салаалардаахпыт. Холобура, Өлүөхүмэ, Булуҥ, Ленскэй, Нерюнгри уонна Мииринэй оройуоннарыгар бэрт интэриэһинэй бырайыактар бааллар.

Бу бүгүҥҥү эспэдиисийэ олус уустук усулуобуйаҕа баран үлэлээн кэллэ. Арктика сыыһаны-алҕаһы бырастыы гыммат. Күн-дьыл туруга уустуга, айаннарын көлөтө да тыйыс усулуобуйаҕа эппиэттэспэт этэ. Мотуордара хаһан баҕарар умуллан хаалыан сөптөөҕө.  Балаҕан тутаары илдьэ барбыт матырыйаалларын ыйааһына ыарахана, быһата, бииртэн биир кыһалҕаны ааҕа туруохха сөп. Бу эспэдииссийэ 2020 сыллаахха айаҥҥа туруммута. Онтон айаннара Большой Ляховскай арыыга “Киһилээх” метеостанцияҕа түмүктэммитэ. Күн-дьыл туруга мөлтөҕүттэн соруктара кыайан туолбатаҕа. 2021 сыллаахха ойуур баһаара мэһэйдээн, маннык ыксаллаах кэмҥэ быыһааччылар дойдуларын иэдээҥҥэ хаалларан барар кыахтара суоҕа. Онон айан эмиэ тардыллан биэрбитэ. Нуучча географическай уопсастыбата быыһааччылар граннарын харчытын төнүннэрбэккэ, кэлэр сылга көһөрбүтэ. Бу олус улахан өйөбүл. 2022 сылга эспэдииссийэ айаҥҥа дьэ турунар буолта. Үбүлээһин өссө да көрүллэ илик. Айантан кэлэн баран, отчуоттаатахтарына эрэ, харчыларын  50 % толуйаллар. Онон Николай Находкин хамаандата бэйэлэрин харчыларыгар астарын, уматыктарын,  иккис саппаас катамараны, мотуору арендаҕа ылбыттара. Маныаха Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаата, бэпэчиитэллэрэ, урбаанньыт доҕотторбут, харчынан көмөлөспүттэрэ. Эспэдииссийэ таһаҕаһын Аллараа Дьааҥыга диэри тиэрдэн биэрэн, ЛОРП улаханнык көмөлөспүтэ. “Полярные авиалинии” билиэтинэн өйөөбүтэ. ЯТЭК хампаанньа 1,5 мөлүйүөн солкуобайы биэрэн, эмиэ улахан өйөбүлү оҥорбута. Онон бу эспэдииссийэ айана үгүс үтүө санаалаах дьон көмөтүнэн тэриллибитин бэлиэтиир хайаан да наада. Николай Находкин бэлитииринэн, Арктика эн төһө бэлэмнээххин, төһө кыахтааххын, бэрэбиэркэлээн, кытаанах эксээмэни тутар. Маныаха аанньаллара да аттыгар сылдьан харыстаабыта чахчы. Бүгүн бу айан-сырыы түмүгүнэн Арктикаҕа сыһыаннаах кэмпириэнсийэни тэрийэргэ этии киирдэ. “Уус Ленскэй” заповеднигы кытта сөбүлэҥ түһэрсии эмиэ олус наадалаах. Үгүс бырайыактар бу заповедник сиригэр-уотугар олоххо киирэллэр. Онон бу эспэдииссийэ олус улахан суолталаах үлэни ыытан кэлбитигэр биһиги, онно кыттыгастаах дьон, киэн туттабыт.

Ити курдук, Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаата өрөспүүбүлүкэбит аатын-суолун Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга аатырдар соруктаах үлэлиир. Өссө да атын маннык ааттаах-суоллаах, сайдыыга туһуламмыт бырайыактары олоххо киллэрэн иһиэхпит, — диэн кэпсээтэ Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ, “Арассыыйа – мин устуоруйам”  история пааркатын дириэктэрэ Дмитрий Соловьев.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.

Хаартыскалар СИА уонна ааптар түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

36 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” пуорумҥа эдэр чинчийээччилэр 250-тан тахса дакылааты киллэрдилэр

Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Зеленскэйдээх кэпсэтиигэ хайдах тиийэллэрин туруорсаллар

Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.  

2 часа ago