Горнайдааҕы «Бэрдьигэс ТВ» өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээх кэлэктиип буолан, күн бүгүн инники күөҥҥэ сылдьар айар кэлэктиип.
Бу күннэргэ «Бэрдьигэс ТВ» улуус сонуннарын көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа көрөөччү дьүүлүгэр тахсыбыта 30 сылын туолар үбүлүөйүн бэлиэтиир.
«1993 сыллаахха тэриллиэххититтэн ыла күн бүгүҥҥэ диэри таһаарыылахтык үлэлээн биир дойдулаахтаргыт биһирэбилин, киэн туттуутун ылаҕыт. Аныгы үйэҕэ тэлэбиидэнньэ баар буолан, биһиги ханнык баҕарар иһитиннэриини ылар кыахтаахпыт, сонуннары биир бастакынан көрөбүт. Эһиги үлэҕит бириэмэнэн хааччахтамматын, элбэх билиини, олоххо ураты көрүүнү, чиэһинэй буолууну ирдиирин билэбит, сыаналыыбыт.
Күннэтэ уларыйар, тэтимнээхтик сайдар, тохтоон турбат олохпут ахсым, сыыдам аттарыгар олорсон, инникигэ эрэллээх, кэнникигэ ытыктабыллаах сыыйылыннаран иһиҥ диэн сахалыы айхаллаатахпыт буоллун!», — диэн бэлиэтээтэ улуус салалтата телеграм ханаалыгар бэйэтин эҕэрдэтигэр.
Улууска ыытыллар тэрээһиннэри, сонуннары тутатына сырдатар, кэпсиир айар куттаах «Бэрдьигэс ТВ» үлэһиттэрин итиитик-истиҥник үбүлүөйдэринэн эҕэрдэлиибит!
Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 8 күнүгэр диэри Бүтүн Арассыыйатааҕы айылҕа харыстабылын дьыктаана буолар диэн СӨ…
Атынан Монголияҕа тиийбит айанньыттар Роман Попов, Геннадий Пустоляков Саха сиригэр айаннаан иһэллэр. Кинилэр аттарын таһаҕас…
Кэлиҥҥи сылларга "Саха сиригэр оҥоһулунна" диэн хамсааһыҥҥа кыттан, үгүс урбаанньыт бэйэ оҥорон таһаарыытын салаатыгар араас…
Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан истипиэндьийэлэрин олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, уустарга, норуот маастардарыгар туттарыы сиэрэ-туома буолла. Истипиэндьийэни ылбыттар…
Саха сиригэр 2024 сылга тоҕус ый иһигэр баан систиэмэтэ сэттэ сымыйа харчы баарын билбит. Бу…
Үлэ сокуонун эспиэрэ Анна Иванова 13-с хамнаһы ким ылар бырааптааҕын туһунан кэпсээтэ диэн СИА «Прайм»…