Салгыы
Бэрдьигэстээх баһылыга үлэтин бастыҥ уопутун кытта үллэстэр

Бэрдьигэстээх баһылыга үлэтин бастыҥ уопутун кытта үллэстэр

31.05.2023, 19:38
Хаартыска -- Ксения Васильева тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Алексей Аргунов былырыыҥҥыттан «Баһылык Грана» тэрээһини ыытыаҕыттан ыла, олохтоохтор олус көхтөөх кыттыыны ылар буоллулар.

Бу туһунан баһылыгы солбуйааччы Ксения Васильева маннык иһитиннэрдэ:

— 2022 сыл Горнай улууһугар Экология сылынан биллэриллибит буолан, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа бырайыак үгүс этэ. Быйыл оройуоҥҥа Тупсарыы сыла биллэриллэн, нэһилиэкпитин тупсарыыга туһуламмыт үлэ хото киирдэ.  Кэрэхсэбиллээҕэ баар, баһылык көҕүлээһинигэр оскуола оҕолоро, уһуйаан иитээччилэрэ уонна эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрэ кытталлар. Быйыл 9 бырайыак киирдэ.  Ааптардар анал хамыыһыйаҕа  үлэлэрин көмүскээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ састаабар нэһилиэк баһылыга, дьаһалта үлэһиттэрэ, үөрэх управлениета, ыччат ааҕыныстыбата уонна бэрэстэбиитэллээх уорган дьокутааттара бааллар. Түмүк сарсын, бэс ыйын 2 күнүгэр,  биллиэҕэ.  

Биһиги нэһилиэк баһылыга Алексей Аргуновы кытта кэпсэтэ сырыттыбыт.

— Граҥҥа киирсэр бырайыактарга улахан болҕомтону уурабын. Сыл аайы бу тэрээһини үгэс быһыытынан ыытарга былаанныыбыт.  Бу олохтоох нэһилиэнньэни кытта үлэ, дьону уопсастыбаннай олоххо тардыы  биир олус табыгастаах көрүҥ быһыытынан сыаналыыбын.  Дьон бэйэлэрэ араас тэрээһини көҕүлээтэхтэринэ, өссө кынаттанан, араас хайысхалаах үлэни тэрийэргэ баһылыкка төһүү күүһүнэн буолаллар.  Аны нэһилиэк дьаһалтатын исписэлиистэрэ араас бырайыагы суруйуохтара диэн эрэнэбин уонна күүтэбин.  Ону кинилэртэн  ирдиибин даҕаны. Оччотугар  үлэбит өссө тахсыылаах уонна көдьүүстээх буолуо этэ, — диэн Алексей Григорьевич санаатын үллэһиннэ.

Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыгын үлэтэ бастыҥ уопут  холобура буолан, атын улуустарга олоххо эмиэ киириэҕэ диэн эрэнэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: