Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр түөлбэлэр олорор сирдэрин тупсарыыга бэрт көхтөөхтүк кытталлар.
Тупсарыыга туһуламмыт куонкурус түмүгүнэн «Эбэ» түөлбэтэ 3-с миэстэни ылан 100 000 солк. наҕараадаламмыта. Бу үп-харчы күрэс усулуобуйатынан тупсарыы хайысхатыгар туһаҕа барыахтаах. Түөлбэ олохтоохторо туруорсан, Берёзовая, Северная уулуссалар суолларыгар 11 ыарахан уйуктаах массыына кумах кутан, тэҥнээн биэрбиттэрэ.
Суолу олохтоох урбаанньыт Альберт Ноговицын кылгас кэм иһигэр оҥорон бүтэрбитэ. Биир сүрүн сорук — оҕо оонньуур былаһааккатын өрөмүөнэ. Эргэрэн эрэр оҕо оонньуур тэриллэрин Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтоохторо Роберт Макаров, Иосиф Андреев көннөрөн, алдьаммытын өрөмүөннээн, оҕо оонньуур дьиэтигэр кырыыһа оҥорон, хаачыаллары чөлүгэр түһэрэн, кырааскалаан бу күннэргэ бүтэрдилэр.
Бу курдук сыл аайы тупсарыыга туһаайыллан ыытыллар куонкуруска «Эбэ» түөлбэ олохтоохторо көхтөөхтүк кыттан, олорор сирдэрин тупсараллар. Сонуну «Маатта сонуна» телеграм-ханаала сырдатта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: