Бэрдьигэстээх «эрчимнэрэ» Берлиҥҥэ «айаҥҥа туруннулар»

Share

Бу күннэргэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт бэрт сонун тэрээһин саҕаланна. 

Бу туһунан Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Ксения Васильева маннык кэпсээтэ:

Олунньу 1 күнүттэн чэгиэн-чэбдик олоҕу өрө тутар «Эрчим» хаалыктаах хаамыынан дьарыгырар түмсүү кыттыылаахтара  сүбэнэн  «Берлиҥҥэ тиэрдибит суол» диэн бырайыактарын саҕалаатылар.

Эйэлээх олоҕу аҕалбыт биир дойдулаахтарбыт Бэрдьигэстээхтэн Берлиҥҥэ дылы 10 тыһыынча 238 км айаннаан, кыайыыны  аҕалбыттарын хаһан да умнубаппыт. Онон сибээстээн, хас биирдии хаалыкттаах хаамааччы  бу күнтэн саҕалаан 5 км хаамтаҕына, 3 ый устата 450 км барыахтаах. Күн аайы 20 киһи хаамтаҕына, Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн ааҕан туран, соруктаах хаамыы олоххо киириэхтээх. Бырайыак бастакы күнүгэр чэгиэн-чэбдик олоҕу өрө тутар «Эрчим» түмсүү 19 чилиэнэ кыттыыны ылла. 

Күн аайы «Берлиҥҥэ тиэрдибит суол» хамсааһыҥа кыттыһыан баҕалаах дьону бу бырайыакка кытталларыгар ыҥырабыт. 

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мууһу кэбирэтии – эппиэттээх үлэ

Бу күннэргэ Өлүөнэ Эбэҕэ үлэ саамай суолталаах уонна көдьүүстээх көрүҥэ –мууһу эрбээһин уонна хараардыы ыытылла…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: муус устар 20 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр, күнүс соҕуруу…

1 час ago
  • Сонуннар

Бырабыыталыстыба Чукоткаҕа стратегическай бырайыагы олоххо киллэриини хааччыйар

Чукотка автономнай уокуругар Баимскайдааҕы хайа байытар кэмбинээтин тутуу саҕаланна.  Баимскайдааҕы ГОК тутуутун хаамыытын РФ Бырабыыталыстыбатын…

14 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Олох очурдара: “Барыта этэҥҥэ!”

Күн оройо буола оҕуста. Сотору кэминэн улахан оҕолоро оскуолаттан кэлиэхтэрэ. Аҕалара эбиэттии кэлиэ. Бэйи эрэ,…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕар Николай Иванович Афанасьевка "Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах…

16 часов ago
  • Сонуннар

Хорсун буойун, хоһуун суруналыыс, уһулуччулаах учуонай

Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр Ийэ дойдуларын көҥүлүн күөннэринэн хаххалаан көмүскээбит, итии хааннарын тохпут буойун суруналыыстар…

17 часов ago