Хаартыска: Ксения Васильева тиксэриитэ
Бу күннэргэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт бэрт сонун тэрээһин саҕаланна.
Бу туһунан Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Ксения Васильева маннык кэпсээтэ:
— Олунньу 1 күнүттэн чэгиэн-чэбдик олоҕу өрө тутар «Эрчим» хаалыктаах хаамыынан дьарыгырар түмсүү кыттыылаахтара сүбэнэн «Берлиҥҥэ тиэрдибит суол» диэн бырайыактарын саҕалаатылар.
Эйэлээх олоҕу аҕалбыт биир дойдулаахтарбыт Бэрдьигэстээхтэн Берлиҥҥэ дылы 10 тыһыынча 238 км айаннаан, кыайыыны аҕалбыттарын хаһан да умнубаппыт. Онон сибээстээн, хас биирдии хаалыкттаах хаамааччы бу күнтэн саҕалаан 5 км хаамтаҕына, 3 ый устата 450 км барыахтаах. Күн аайы 20 киһи хаамтаҕына, Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн ааҕан туран, соруктаах хаамыы олоххо киириэхтээх. Бырайыак бастакы күнүгэр чэгиэн-чэбдик олоҕу өрө тутар «Эрчим» түмсүү 19 чилиэнэ кыттыыны ылла.
Күн аайы «Берлиҥҥэ тиэрдибит суол» хамсааһыҥа кыттыһыан баҕалаах дьону бу бырайыакка кытталларыгар ыҥырабыт.
Ахсынньы 13-15 күннэригэр Москва куоракка «Твой Ход – 2025» Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар пуорумнара ыытылларынан, «Сыл…
Дьокуускайга административнай дьиэҕэ тахсыбыт киһи өлүүлээх баһаар холуобунай дьыалатыгар бириигэбэри таһаардылар. Бу туһунан ахсынньы 16…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Дьокуускайга Российскай Федерация бочуоттаах полярнигын Николай Находкин «Санников сиригэр эспэдииссийэ» диэн…
Өрөспүүбүлүкэ агробырамыысыланнай комплексын 2025 сыллааҕы үлэтин түмүктүүр мунньаҕар бастыҥ муниципальнай оройуоннар бэлиэтэннилэр. Бу туһунан СӨ…
Тымныыттан эчэйии үксэ арыгы иһииттэн тахсар диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһатын - Суһал мэдиссиинэ көмөтүн…
Тэрээһиннэргэ байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кыргыһыы хонуутугар охтубут дьон дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ, барыта 28 тыһыынчаттан…