Бэрдьигэстээх саҥа түөлбэлэниэ

Share

Быйыл сыл саҕаланыытыгар Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ саҥа кыбартаалы үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

Дьиэни-уоту уонна социальнай эбийиэктэри тутуу хаамыытын уонна болдьоҕун туһунан Ил Дархан Айсен Николаев уонна Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев дьүүллэстилэр.

Быйылгы сылга оройуоҥҥа хас да улахан тутуулар түмүктэнэн үлэҕэ киллэриллиэхтэрэ. Ол курдук, хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан, Бэрдьигэстээххэ МСО түөлбэтигэр элбэх кыбартыыралаах сэттэ дьиэ (уопсайа 176 кыбартыыра) тутулла турар. Үлэ 97% бэлэм, дьиэлэргэ сылаас бэриллибит, түмүктүүр үлэлэр ыытыллаллар. Олохтоохтор саҥа тутуулар үлэҕэ киирэллэрин долгуйа күүтэллэр. Манна сыһыары тутан эттэххэ, манна өссө баһаары утары үлэҕэ ууну мунньар уонна носуос ыстаансыйалара үлэҕэ киллэриллиэхтэрэ.

Маны таһынан, сыл бастакы кыбартаалыгар оройуон киинигэр 550 миэстэлээх үс мэндиэмэннээх саҥа оскуола аһыллара былааннанар.

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар тутуулартан,  Бэс Күөлгэ оскуоланы уонна элбэх хайысхалаах киини быйыл үһүс кыбаарталга үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

Никита Андреев улууһу сайыннарарга сүрүн сыалынан инженернэй инфраструктуранан хааччыйыы буоларын бэлиэтиир. «Оһоҕунан оттуллар дьиэ ахсаанын аҕыйатарга, нэһилиэнньэ тупсаҕай усулуобуйаланарыгар үлэ ыытыллар«, — диэн этэр кини.

Кыһалҕаны социальнай гаастааһын бырагыраама көмөтүнэн быһаараллар, ол иһигэр оройуон киинигэр — Бэрдьигэстээххэ, дьиэлэр гаас ситимигэр холбоноллор. Маннык үлэ атын нэһилиэнньэлээх пууннарга салҕанар. Онно дьиэлэри киин ититэр ситимҥэ холбуур үлэ салҕанар. Маҕараска уонна Кэптиҥҥэ кэтэх ыаллар дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбоон сылааһынан толору хааччыйар туһуттан, саҥа кыбартаалынай хочуолунайга наадыйаллар. Салгыы Никита Андреев Ил Дархаҥҥа улуус бырамыысыланнай пааркатын бырайыагын көрдөрдө. Онно тутуу матырыйаалларын оҥорон таһаарар резиденнэр, о.д.а. үлэлэри тэрийии былааннанар.

Туспа Орто Сурт — Кэптин муниципальнай суолларын оҥоруу боппуруоһа көрүлүннэ. Кэптин —  уустук суоллаах-иистээх. Өрөспүүбүлүкэ суолун пуондатын уонна Горнай оройуонун бүддьүөтүн үбүн-харчытын суотугар муниципалитеттар икки ардыларынааҕы учаастакка 15 км суолу оҥорууга бырайыактыыр-сметнай докумуон оҥоһуллан бүппүт.

СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин (СИА) түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүүгэ оскуола Саҥа дьыллааҕы киэргэтиитэ дьон болҕомтотун тарта

Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…

3 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Дьиэ кэргэн сылынан төрөппүттэргэ уонна оҕолорго өйөбүл миэрэ салҕанар

Саҥа өйөбүл миэрэлэр туһунан дойду Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин солбуйааччыларын кытта мунньаҕар кэпсээтэ. Бу туһунан…

33 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Полиция үлэһиттэрэ күнүүлээн такси массыынатын түннүгүн алдьаппыт уорбаланааччыны быһаардылар

Жатай полициятыгар таксист билбэт киһим эрдэттэн оҥостон үлэлиир массыынабын алдьатта диэн иһитиннэриилээх тиийбит. Сайаапканы суруйааччы…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Ил Дархан Рома Марков Саҥа дьыллааҕы баҕа санаатын толордо

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, Ил Дархан оробуочай сырыынан Таатта улууһугар  үлэлээтэ. Айсен Сергеевич Ытык Күөлгэ…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьахтар эр киһиттэн көрдөрбүтүнэн харчытын уорбут

Ньурба улууһун полициятын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи кэлэн киниттэн 6 тыһ. солк. аһаҕастык уорбуттарын туһунан…

2 часа ago
  • Сонуннар

Тэйиччиттэн угуйугу тарҕатааччылар дохуоттарыттан 3% бүддьүөккэ ыытыахтара

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду туһанааччыларыгар туһаайыллар тэйиччиттэн угуйугу (онлайн-реклама) тарҕатааччылар кыбартаалга дохуоттарыттан 3% федеральнай…

2 часа ago