Бэрдьигэстээх түөлбэлэрэ Саҥа дьыл тыынын аҕаллылар
Сыл аайы Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин алта түөлбэтин олохтоохторо Саҥа дьылы көрсө киэргэтиилэрэ үгэскэ кубулуйда.
Бу туһунан Роман Дмитриев бу курдук сырдатта:
— Ол курдук, «Үрдэл», «Эйэ», «Эбэ», «Киин», «Чэбдик» уонна «Сардаҥа» түөлбэлэр олохтоохторо бэйэлэрин искибиэрдэрин, былаһааккаларын харыйанан, араас оҥоһуктарынан, уотунан-күөһүнэн симээтилэр. Нэһилиэк дьаһалтатыттан анал дьүүллүүр хамыыһыйа, түөлбэлэр киэргэниилэрин миэстэтигэр кэрийэн көрдө, сыана быста, ол түмүгүн сотору биллэриэҕэ. Сыл устата ыытыллар түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар күрэскэ Саҥа дьыллааҕы киэргэтиини көрүү эмиэ киирэр буолан, олохтоохтор түөлбэлэрин киин сирин симээһиҥҥэ олус кыһанан ылсаллар.
Бу курдук түөлбэлэр көхтөөх дьоно Горнай улууһун киинэ Бэрдьигэстээх уулуссаларыгар Саҥа дьыл алыптаах тыынын аҕаллылар…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: