Бэрдьигэстээх түөлбэтиттэн Москуба чугас
Түөлбэнэн үлэ күүстээх сиригэр дьон уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттар, ыытыллар үлэ түмүктээх уонна көдьүүстээх, ыарахан да, үөрүүлээх да кэмнэргэ дьон биир сомоҕо буолар.
Сэбиэскэй кэмҥэ түөлбэнэн үлэ “зонанан үлэ” дэнэрэ. Кэлиҥҥи сылларга бу хайысха көдьүүстээҕин Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ туоһулуур. Ол да иһин, үлэ уопутун атастаһаары, араас улуус дэлэгээссийэлэрэ кэлэн барар буоллулар.
Түөлбэнэн үлэ туох көдьүүстээҕий? Дьону түмэр кистэлэҥэ тугуй? Туох өйөбүл баарый? Бу ыйытыыларга хоруйу булаары, Саха сирин ТОС-тарын ассоциациятын салайааччыта, “Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ” МТ баһылыгын солбуйааччы Ксения Васильеваны кытта кэпсэтэбит.
Түөлбэ хамсааһына – нэһилиэк сайдыыта
– Ксения Михайловна, эн улуус дьаһалтатыгар социальнай бэлиитикэ отделын салайааччытынан үлэлии сылдьан, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытынан көспүккүн истибитим. Ол “көһүүҥ” төрүөтэ тугуй?
– Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Алексей Аргунов быыбарга киирсэригэр бэйэтин бырагырааматыгар түөлбэнэн үлэни сайыннарар былааннааҕа. Миигин солбуйааччытынан ыҥырбыта уонна “түөлбэлэри хамсатыахха наада” диэн сорук туруорбута. Үлэбитин олохтоохтук 2020 сыл бүтэһигиттэн саҕалаабыппыт. Сүрүннээн 131 федеральнай сокуоҥҥа 27-с статьянан киирэ сылдьар, нууччалыыттан тылбаастабакка эттэххэ, “Территориальное общественное самоуправление” диэн докумуоҥҥа олоҕуран үлэлээбиппит. Онно нэһилиэк дьаһалталара ТОС, сахалыы өйдөбүлүнэн, “түөлбэлэри сайыннарыахтаахтар” диэн этиллэр. Биһиги тута докумуоннары оҥорууттан саҕалаабыппыт. Үлэбит түмүгэ – 12 түөлбэ нэһилиэк дьаһалтатын иһинэн регистрациялаах. Ол иһигэр 6 түөлбэ СӨ Юстиция министиэристибэтин иһинэн юридическай регистрациялаах.
Быйыл ордук “күннээтибит”. Сыл саҥатыгар тохсунньуга РФ Бэрэсидьиэнин пуондатын гранын куонкуруһугар Саха сириттэн 20 бырайыак кыайбытыттан биһиги нэһилиэкпититтэн 5 бырайыак кыайыылааҕынан тахсыбыта. Дьэ, бу улахан ситиһии этэ! Уопсайа куонкуруска 10 бырайыак киирбититтэн аҥаара бэлиэтэммитэ. Хаачыстыбабыт – 50%.
“Манчаары оонньууларыттан” саҕыллан
– Эн “түөлбэ үлэтэ Манчаары оонньууларыттан уһуктубута” диэн бэлиэтээн турардааххын.
– 2021 сыллаахха Горнай улууһугар успуорт национальнай көрүҥнэригэр “Манчаары оонньуулара” XXI Спартакиада ыытыллаары турдаҕына, олохтоох дьаһалта салалтата биир дойдулаахтарбытыгар “Ыалдьыттары көрсүүгэ төрөөбүт нэһилиэкпитин тупсарыахха!” диэн ыҥырыы таһаарбыппыт. Оччолорго түөлбэлэр бааллара да, соччо уота-күөһэ суох үлэлииллэрэ. Ыҥырыыбытын “Дьоллоох” түөлбэ бастакынан өйөөбүтэ. Кинилэри сыыйа атын түөлбэлэр батыһан, спартакиада кэмигэр нэһилиэкпит киһи билбэт гына тупсубута. Дьон түөлбэ үлэтин оннуттан хамсатан, аны олохтоох дьаһалта “илиитэ-атаҕа хамсыырын” кэтэспэт буолбута. Ол курдук, олорор сири-уоту тупсарыы, бөҕү-саҕы хомуйуу, былаһааккалары тутуу курдук үлэлэри түөлбэ салайааччылара хонтуруоллуур, дьаһайар буоллулар. Түөлбэ аайы искибиэрдээхтэр. Олохтоохтор онно мустан сынньаналлар, үлэ былааннарын ырыталлар, сынньаналлар. Ол инниттэн бэйэлэрэ субуотунньуктаан, үп булунан искибиэрдэрин тупсарбыттара, саҥа тутуулары туппуттара. Онон “Манчаары оонньуулара” Бэрдьигэстээх олохтоохторугар патриоттуу тыыны уһугуннарбыта.
Ситиһиилиин “сиэттиһии”
– Ити курдук, араас хайысхалаах үлэни тэҥинэн ыытан, аны ситиһиини кытта “сиэттиспитинэн” барбыккыт…
– Быйыл ордук “күннээтибит”. Сыл саҥатыгар тохсунньуга РФ Бэрэсидьиэнин пуондатын гранын куонкуруһугар Саха сириттэн 20 бырайыак кыайбытыттан биһиги нэһилиэкпититтэн 5 бырайыак кыайыылааҕынан тахсыбыта. Дьэ, бу улахан ситиһии этэ! Уопсайа куонкуруска 10 бырайыак киирбититтэн аҥаара бэлиэтэммитэ. Хаачыстыбабыт – 50%.
– Биллэн турар, кыайыылаах бырайыактары киэн тутта ааттыахха.
– «Сарыал» уопсастыбаннас үлэтин сүрүннүүр сэбиэттээхпит (Координационный Совет общественности). Бу түмсүү “Ийэҕэ өйөбүл – оҕоҕо үөрүү” диэн бырайыагы көмүскээн, 961 462 солкуобайдаах граҥҥа тиксибитэ. Бырайыак ааптардара – Ксения Васильева, Алёна Ю, Ольга Михайлова, эспиэр – Ида Белых.
Иккис бырайыак – «Кырачаан ымыылар» уһуйаан иһинэн үлэлиир «Маленькие снегири» АНО «Ресурснай киин – Горнай улууһугар халбархай суолунан барыан сөптөөх оҕолору эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытыы тиһигин тэрийии” (“Ресурсный центр как сетевое взаимодействие компенсирующему образованию и раннем выявлению детей зоны риска в Горном улусе») бырайыак
1 113 680 солкуобайдаах граҥҥа тиксибитэ. Ааптардар – Надежда Москвитина, Саргылана Алексеева, Мария Матвеева.
Үһүс бырайыак «Эбэ» ТОС «Тиэргэн футбола» бырайыага 996 385 солкуобайдаах граҥҥа тиксибитэ. Ааптар – Вероника Сергеева.
Төрдүс “Оҕолор, успуорт былаһааккаҕа!” «Үрдэл» ТОС бырайыага 724 572 солкуобайдаах граҥҥа тиксибитэ. Ааптар – Светлана Лю-Фа.
Бэһис бырайыак – Эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн үлэлиир «Сайдыы суола» уопсастыбаннай түмсүү «Дьиэ кэргэни сибиэһэй аһылыгынан сылы төгүрүччү хааччыйыыга үөрэтии” бырайыага 498 793 солкуобайдаах граҥҥа тиксибитэ. Ааптар – Александра Колесова.
Ити курдук, биэс бырайыак ылбыт граннарын уопсай суумата – 4 294 892 солкуобай этэ.
– Аны өссө биир суолталаах граҥҥа тиксибиккитин сырдатыахха.
– Култуура көҕүлээһинин өйүүр дойду Бэрэсиэдьиэнин пуондатын граныгар кулун тутарга кыайбыппыт. «Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын ыччат бэлиитикэтигэр, култууратыгар уонна успуордугар ааҕыныстыбатын хамаандатын кытта «Үрүҥ уйгу» (Белое изобилие) кымыс бэстибээлин ыытарга анаан суруйбут бырайыакпыт кыайыылааҕынан тахсыбыта. Онон араас куонкурустарга, граннарга кыттан эбии үптэнэн, нэһилиэкпит сайдыытыгар тахсыылаахтык үлэлэһэбит.
Гражданскай көҕүлээһин туйгуна
– Быйылгы сыл эһиэхэ ситиһиини тосхойо сылдьарынан устуоруйаҕа киирэрэ чахчы. Аны дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа баран кэлбиккит дии?
– Быйыл олунньу 17 күнүгэр Москваҕа Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дойду ТОС-тарын национальнай ассоциацияларын (Общенациональная Ассоциация ТОС (ОАТОС), уопсай мунньаҕар ыҥырыллан кыттыыны ылбыппыт. Онно ОАТОС салайааччыта, дойду муниципальнай тэриллиилэрин кэнгириэһин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Захарий Юдины, ОАТОС дириэктэрин солбуйааччы Игорь Кононенконы кытта көрсүбүппүт. Биһиги үлэбит ис хоһоонун билиһиннэрбиппит. ОАТОС салайааччылара дойду эрэгийиэннэрин бастыҥ уопуттарын билиһиннэрбиттэрэ. Ол курдук, Краснодарскай уонна Пермскэй кыраайдар, Ульяновскай уобалас ТОС-тарын үлэлэрин кытта билсибиппит. Маннык үлэни Саха сиригэр хайдах тарҕатыахха сөбүн ырыппыппыт, кэккэ кэскиллээх былааннары түстээбиппит.
Судаарыстыбаннай Дуумаҕа буолбут дойду ТОС-тарын национальнай ассоциацияларын (ОАТОС) уопсай мунньаҕа уопсастыбаннай тэрилтэ Арассыыйаҕа төрүттэммитэ 35 сылыгар уонна ОАТОС 7-с сылыгар анаммыта. Уопсай мунньах быһаарыытынан миигин, “Үрдэл” ТОС салайааччыта Светлана Лю-Фаны, «Сарыал» уопсастыбаннас үлэтин сүрүннүүр сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Майаана Моруоту дойду ТОС-тарын национальнай ассоциацияларын (ОАТОС) чилиэннэринэн талбыттара.
… Ил Дархан Айсен Николаев Горнайга сырыытын кэмигэр Саха сирин ТОС-тарын ассоциациятын салайааччытыгар, “Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ” МТ баһылыгын солбуйааччытыгар Ксения Васильеваҕа “Саха сиригэр гражданскай көҕүлээһин туйгуна” диэн бочуоттаах бэлиэни туттарбыта. Горнай улууһун түөлбэлэрэ дириҥ ис хоһоонноох үлэни ыытан, араас граннарга уонна куонкурустарга ситиһиилэнэн, дойду тэбэр сүрэҕэр тиийэн уопуттарын атастаһан, улуустар дэлэгээссийэлэригэр ыытар үлэлэрин сырдатан, тахсыылаахтык үлэлии олороллоругар Ксения Михайловна үтүөтэ сүҥкэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: