Бэрдьигэстээх түөлбэтиттэн Москуба чугас

Share

Түөлбэнэн үлэ күүстээх сиригэр дьон уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттар, ыытыллар үлэ түмүктээх уонна көдьүүстээх, ыарахан да, үөрүүлээх да кэмнэргэ дьон биир сомоҕо буолар.

Сэбиэскэй кэмҥэ түөлбэнэн үлэ “зонанан үлэ” дэнэрэ. Кэлиҥҥи сылларга бу хайысха көдьүүстээҕин Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ туоһулуур. Ол да иһин, үлэ уопутун атастаһаары, араас улуус дэлэгээссийэлэрэ кэлэн барар буол­лулар.

Түөлбэнэн үлэ туох көдьүүстээҕий? Дьону түмэр кистэлэҥэ тугуй? Туох өйөбүл баарый? Бу ыйытыыларга хоруйу булаары, Саха сирин ТОС-тарын ассоциациятын салайааччыта, “Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ” МТ баһылыгын солбуйааччы Ксения Васи­льеваны кытта кэпсэтэбит.

Түөлбэ хамсааһына – нэһилиэк сайдыыта

– Ксения Михайловна, эн улуус дьаһалтатыгар социальнай бэлиитикэ отделын салайааччытынан үлэлии сылдьан, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытынан көспүккүн истибитим. Ол “көһүүҥ” төрүөтэ тугуй?

– Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Алексей Аргунов быыбарга киирсэригэр бэйэтин бырагырааматыгар  түөлбэнэн үлэни сайыннарар былаан­нааҕа. Миигин солбуйааччытынан ыҥырбыта уонна “түөлбэлэри хамсатыахха наада” диэн сорук туруор­бута. Үлэбитин олохтоохтук 2020 сыл бүтэһигиттэн саҕалаабыппыт. Сүрүннээн 131 федеральнай сокуоҥҥа 27-с статьянан киирэ сылдьар,  нууччалыыттан тылбаастабакка эттэххэ,  “Территориальное общественное самоуправление” диэн докумуоҥҥа олоҕуран үлэлээбиппит. Онно нэһилиэк дьаһалталара ТОС, сахалыы өйдөбүлүнэн, “түөлбэлэри са­­йыннарыахтаахтар” диэн этиллэр. Биһиги тута докумуоннары оҥорууттан саҕалаабыппыт. Үлэбит түмүгэ – 12 түөлбэ нэһилиэк дьаһалтатын иһинэн регистрациялаах. Ол иһигэр 6 түөлбэ СӨ Юстиция министиэристибэтин иһинэн юриди­ческай регистрациялаах.

Быйыл ордук “күннээтибит”. Сыл саҥатыгар тохсунньуга РФ Бэрэсидьиэнин пуон­датын гранын куонкуруһугар Саха сириттэн 20 быра­йыак кыайбытыттан биһиги нэһи­лиэкпититтэн 5 бырайыак кыайыылааҕынан тахсыбыта. Дьэ, бу улахан ситиһии этэ! Уопсайа куонкуруска 10 быра­йыак киирбититтэн аҥаара бэлиэтэммитэ. Хаачыстыбабыт – 50%.

“Манчаары оонньууларыттан” саҕыллан

– Эн “түөлбэ үлэтэ Манчаары оонньууларыттан уһуктубута” диэн бэлиэтээн турардааххын.

– 2021 сыллаахха Горнай улууһугар успуорт национальнай көрүҥнэригэр “Манчаары оонньуулара” XXI Спартакиада ыытыллаары турдаҕына, олохтоох дьаһалта салалтата биир дойдулаахтарбытыгар “Ыалдьыттары көрсүүгэ төрөөбүт нэһилиэкпитин тупсарыахха!” диэн ыҥырыы таһаарбыппыт. Оччолорго түөлбэлэр бааллара да, соччо уота-күөһэ суох үлэлииллэрэ. Ыҥырыыбытын “Дьоллоох” түөлбэ бастакынан өйөөбүтэ. Кинилэри сыыйа атын түөл­бэлэр батыһан, спартакиада кэмигэр нэһилиэкпит киһи билбэт гына тупсубута. Дьон түөлбэ үлэтин оннуттан хамсатан, аны олохтоох дьаһалта “илиитэ-атаҕа хамсыырын” кэтэспэт буолбута. Ол курдук, олорор сири-уоту тупсарыы, бөҕү-саҕы хомуйуу, былаһааккалары тутуу курдук үлэлэри түөлбэ салайааччылара хонтуруоллуур, дьаһайар буоллулар. Түөлбэ аайы искибиэрдээхтэр. Олохтоохтор онно мустан сынньаналлар, үлэ былааннарын ырыталлар, сынньаналлар. Ол инниттэн бэйэлэрэ субуотунньуктаан, үп булунан искибиэрдэрин тупсарбыттара, саҥа тутуулары туппуттара. Онон “Манчаары оонньуулара” Бэрдьигэстээх олохтоохторугар патриоттуу тыыны уһугуннарбыта.

Ситиһиилиин “сиэттиһии”

– Ити курдук, араас хайысхалаах үлэни тэҥи­нэн ыытан, аны сити­һиини кытта “сиэттиспитинэн” барбыккыт…

–  Быйыл ордук “күннээтибит”. Сыл саҥатыгар тохсунньуга РФ Бэрэсидьиэнин пуон­датын гранын куонкуруһугар Саха сириттэн 20 быра­йыак кыайбытыттан биһиги нэһи­лиэкпититтэн 5 бырайыак кыайыылааҕынан тахсыбыта. Дьэ, бу улахан ситиһии этэ! Уопсайа куонкуруска 10 быра­йыак киирбититтэн аҥаара бэлиэтэммитэ. Хаачыстыбабыт – 50%.

– Биллэн турар, кыа­йыылаах бырайыактары киэн тутта ааттыахха. 

– «Сарыал» уопсастыбаннас үлэтин сүрүннүүр сэбиэттээхпит (Координационный Совет общественности). Бу түмсүү “Ийэҕэ өйөбүл – оҕоҕо үөрүү” диэн быра­йыагы көмүскээн, 961 462 солкуобайдаах граҥҥа тиксибитэ. Бырайыак ааптардара – Ксения Васильева, Алёна Ю, Ольга Михайлова, эспиэр – Ида Белых.

Иккис бырайыак – «Кыра­чаан ымыылар» уһуйаан иһинэн үлэлиир «Маленькие снегири» АНО «Ресурснай  киин – Горнай улууһугар халбархай суолунан барыан сөптөөх оҕолору эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытыы тиһигин тэрийии” (“Ресурсный центр как сетевое взаимодействие компенсирующему образованию и раннем выявлению детей зоны риска в Горном улусе») бырайыак
1 113 680 солкуобайдаах граҥҥа тиксибитэ. Ааптардар – Надежда Москвитина, Саргы­лана Алексеева, Мария Мат­веева.

Үһүс бырайыак «Эбэ» ТОС «Тиэргэн футбола» бырайыага 996 385 солкуобайдаах граҥҥа тиксибитэ. Ааптар – Вероника Сергеева.

Төрдүс “Оҕолор, успуорт былаһааккаҕа!” «Үрдэл» ТОС бырайыага 724 572 солкуобайдаах граҥҥа тиксибитэ. Ааптар – Светлана Лю-Фа.

Бэһис бырайыак – Эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн үлэлиир «Сайдыы суола» уопсастыбаннай түмсүү «Дьиэ кэргэни сибиэһэй аһылыгынан сылы төгүрүччү хааччыйыыга үөрэтии” бырайыага 498 793 солкуобайдаах граҥҥа тиксибитэ. Ааптар – Александра Колесова.

Ити курдук, биэс бырайыак ылбыт граннарын уопсай суумата – 4 294 892 солкуобай этэ.

– Аны өссө биир суолталаах граҥҥа тиксибиккитин сырдатыахха.

– Култуура көҕүлээһинин өйүүр дойду Бэрэсиэдьиэнин пуондатын граныгар кулун тутарга кыайбыппыт. «Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын ыччат бэлиитикэтигэр, култууратыгар уонна успуордугар ааҕыныстыбатын хамаандатын кытта  «Үрүҥ уйгу» (Белое изобилие) кымыс бэстибээлин ыытарга анаан суруйбут бырайыакпыт кыа­йыылааҕынан тахсыбыта. Онон араас куонкурустарга, граннарга кыттан эбии үптэнэн, нэһилиэкпит сайдыытыгар тахсыылаахтык үлэлэһэбит.

Гражданскай көҕүлээһин туйгуна

– Быйылгы сыл эһиэхэ ситиһиини тосхойо сылдьарынан устуоруйаҕа киирэрэ чахчы. Аны дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа баран кэлбиккит дии?

– Быйыл олунньу 17 күнүгэр Москваҕа Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дойду ТОС-тарын  национальнай ассоциацияларын (Общенациональная Ассоциация ТОС (ОАТОС), уопсай мунньаҕар ыҥырыллан кыттыыны ылбыппыт. Онно ОАТОС салайааччыта, дойду муниципальнай тэриллиилэрин кэнгириэһин бэ­­рэссэдээтэлин солбуйааччы Захарий Юдины, ОАТОС ди­­риэктэрин солбуйааччы Игорь Кононенконы кытта көрсүбүппүт. Биһиги үлэбит ис хоһоонун билиһиннэрбиппит. ОАТОС салайааччылара дойду эрэгийиэннэрин бастыҥ уопуттарын билиһиннэрбиттэрэ. Ол курдук,  Краснодарскай уонна Пермскэй кыраайдар, Ульяновскай уобалас ТОС-тарын үлэлэрин кытта билсибиппит. Маннык үлэни Саха сиригэр хайдах тарҕатыахха сөбүн ырыппыппыт, кэккэ кэскиллээх былааннары түстээбиппит.

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа буолбут дойду ТОС-тарын  национальнай ассоциацияларын (ОАТОС) уопсай мунньаҕа уопсастыбаннай тэрилтэ Арассыыйаҕа төрүттэммитэ 35 сылыгар уонна ОАТОС 7-с сылыгар анаммыта. Уопсай мунньах быһаарыытынан миигин, “Үрдэл” ТОС салайааччыта Светлана Лю-Фаны, «Сарыал» уопсастыбаннас үлэтин сүрүннүүр сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Майаана Моруоту дойду ТОС-тарын национальнай ассоциацияларын (ОАТОС) чилиэннэринэн талбыттара.

… Ил Дархан Айсен Николаев Горнайга сырыытын кэмигэр Саха сирин ТОС-тарын ассоциациятын сала­йааччытыгар, “Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ” МТ баһылыгын солбуйааччытыгар Ксения Васильеваҕа “Саха сиригэр гражданскай көҕүлээһин туйгуна” диэн бочуоттаах бэ­­лиэни туттарбыта. Горнай улууһун түөлбэлэрэ дириҥ ис хоһоон­ноох үлэни ыытан, араас граннарга уонна куонкурустарга ситиһии­лэнэн, дойду тэбэр сүрэҕэр тиийэн уопуттарын атастаһан, улуустар дэлэгээссийэлэригэр ыытар үлэлэрин сырдатан, тахсыылаахтык үлэлии олороллоругар Ксения Михайловна үтүөтэ сүҥкэн.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago