Салгыы
Бэрдьигэстээххэ 15 миэтэрэлээх кырдьаҕас тиит маһы буллулар

Бэрдьигэстээххэ 15 миэтэрэлээх кырдьаҕас тиит маһы буллулар

Ааптар:
08.11.2024, 14:30
Хаартыска: Экология министиэристибэтиттэн.
Бөлөххө киир:

Бу күһүн Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр 15 миэтэрэ үрдүктээх тиит маһы булбуттара. Бэрдьигэстээхтээҕи гимназия үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара чинчийэннэр, бу мас 200-чэ саастааҕын быһаарбыттара. Бу туһунан СӨ экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Бэрдьигэстээх саастаах тиит маһа «Деревья — памятники живой природы» Бүтүн Арассыыйатааҕы бырагыраама пааспарын ылбыта. Онон бу мас Арассыыйа уһун үйэлээх мастарын национальнай реестригэр киирдэ.

Ураты маһы олохтоох, тыа маастара Мария Данилова бастакынан бэлиэтии көрбүтэ.

«Бу тиити эрдэ хайдах көрбөтөҕүм буолла? Мин Бэрдьигэстээх тас өттүн барытын кэрийбитим. Ыраахтан кыра буолан көстөрө эбитэ дуу, мин атын ыллыктарынан хаамарым эбитэ дуу. Бу, кырдьык, ураты мас. Кини өссө да уһун кэмҥэ турарын ситиһэр сыалтан хара сарсыардаттан саҕалаан дьоҥҥо эрийтэлээбитим. Онтон улуустааҕы гимназия географияҕа учуутала Елена Алексеевалыын сибээстэспитим», — диир Мария Данилова.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: