Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ «Поделись теплом» аахсыйа алтынньы саҥатыттан саҕаламмыта. Манна күн ахсын нэһилиэк олохтоохторо — байыастар чугас дьонноро, биир дойдулаахтара бэйэлэрин баҕаларынан кэлэннэр наскы баайаллар.
Бу тэрээһин туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Ксения Васильева маннык кэпсиир:
—-Улууспут байыастарга көмөтө тиһиктээхтик салҕанар. Бу ый 7 күнүгэр нэһилиэктэр баһылыктара байыаннай дьайыы буола турар сиригэр-уотугар байыастарбытыгар баһыылкалары тиэрдэ барыахтаахтар. Онон сибээстээн бэйэбит өттүбүтүттэн байыастарбытын сылаас таҥаһынан хааччыйыаҕыҥ, наскыларда баайан ыытыаҕыҥ диэн нэһилиэкпит олохтооҕо Надежда Афанасьевна Иванова этиилээх киирбитэ. Онно сүбэлэһэн «Поделись теплом» аахсыйаны биллэрбиппит, социальнай пуонда «Түмэн» диэн аҕам саастаахтарбыт түмсэр хосторугар аахсыйаҕа кыттыан баҕалаахтары ыҥырбыппыт. Ол түмүгэр, бу күннэргэ сүүрбэччэ киһи кэлэн көмөлөстө, барыта уонча наскы бэлэм буолла. Нэдиэлэ бүтүөр диэри өссө эбиллиэ, — диэн кэпсиир Ксения Михайловна.
Аахсыйаҕа кытта кэлбит ыал ийэлэригэр, эбэлэригэр, кыргыттарга Надежда Афанасьевна ыйан-кэрдэн сүбэлээн биэрэр, сорохтору үөрэтэр. Оттон баайарга саптары урбаанньыттар Анна Винокурова, Зина Чемезова, бырааттыы Семеновтар уонна Куннэй Тарасова биэрбиттэр. Надежда Иванова аахсыйа тэрийэргэ этии киллэрбитин Бэрдьигэстээх нэһилиэгин дьаһалтата өйөөбүт, тэрийбит.
Манна даҕатан эттэххэ, соторутааҕыта Бэрдьигэстээххэ «Түмсүүнэн — кыайыыга» аахсыйа тэриллибитэ. Бу аахсыйаҕа дьон-сэргэ көхтөөх кыттыыны ылбыта.
Ол туһунан сиһилии https://sakha-sire.ru/berdigesteehhe-tymsyynen-kyajyyga-aahsyja-yytylynna/ киирэн ааҕыҥ.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…