Бэрдьигэстээххэ «Эбэ» түөлбэ уулуссатын бэйэтэ оҥостор

Share

Горнай улууһугар түөлбэлэр бэрт көдьүүстээхтик үлэлииллэр.

Вероника Сергеева салайар «Эбэ» түөлбэтэ «Дороге — быть» бырайыагынан Ил Дархан уопсастыбаннай олохтоох салайыныыны өйүүр хайысхатын  кыайан,  894 тыһ. 464 солк. граны ылбыта.

Бу үбү туһанан, Д. Жиркова аатынан уулусса олохтоохторо өр сылларга суол оҥоруутун туруорсубут туруорсуулара бу күннэргэ олоххо киирэн эрэр. Ол курдук, үйэтигэр оҥоһуу диэни билбэтэх уулусса сорох кэрчигэ,  саас хаар уута мустан, хас да ыал суола суох хаалааччылар. Бу кыһалҕа билигин оннуттан быһаарыллан эрэр.

Суол оҥоруутун саҕалааһыныгар анаан, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин дьаһалтата харбыл  биэрбит. Бу харбыллары түөлбэ олохтоохторо — эдэрдиин-эмэнниин, оҕолор кытта тахсан, уопсайа 25 киһи мустан, субуотунньуктаан тэлгэттилэр.

Тыраахтар өҥөтүн олохтоох урбаанньыт Альберт Ноговицын оҥордо.  Түөлбэ дьоно туора турбакка, биир сомоҕо буолан  үлэлээтилэр.

Бу туһунан Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин дьаһалтатын телеграм-ханаалыгар  Роман Дмитриев иһитиннэрдэ.

Биллэн турар, түөлбэ олохтоохторо «түөлбэбит сайдыыта — биһиги илиибитигэр» диэн санаанан салайтардахтара. Үтүө холобур батыһыннарыылаах буоллун!

Recent Posts

  • Уопсастыба

Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» биэриигэ кыттыаҕа

Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, 13:00 чаастан Ил Дархан Айсен Николаев "Саха" ГТРК "Прямой разговор"…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин хамаандата Бүтүн Арассыыйатааҕы «Путь воина» күрэхтэһии бастакы полуфиналыгар кыайда!

Саха сиригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһиитин бастакы күнэ ситиһиилээхтик саҕаланна. Бу күрэхтэһиигэ бэҕэһээ…

55 минут ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сайаапкалары «яконтракт14.рф» саайтка хомуйаллар

Саха сиригэр «яконтракт14.рф» саҥа саайт нөҥүө хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барааччылар сайаапка хаалларыахтарын сөп.  Российскай Федерация…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Социальнай көмөҕө туох киирэрий уонна хайдах туһанабыт?

Аҕам саастаах уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон бородуукта атыылаһаллара, бырааска көрдөрө бараллара кыаллымыан сөп. Дьиэҕэ-уокка уонна…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: «Боотур» этэрээт байыастара өстөөх тааҥкатын эстэрдилэр

Балаҕан ыйын 13 күнүгэр "Боотур" иһинэн тэриллибит "БАРС-2" этэрээт байыастара бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан, дрону…

2 часа ago
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 17 күнэ: инчэҕэй хаар уонна ардах

Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар инчэҕэй хаары кытта ардах түһэрэ күүтүллэр…

3 часа ago