Тыа сиригэр да, куоракка да, эдэр ыаллар дьиэлэнэллэригэр көмөлөһөр бырагыраамалар үлэлииллэр. Ол оннук бырагырааманан туһанан, Мигалкиннар дьиэ кэргэттэрэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр саҥа дьиэ тутуннулар.
Иванна уонна Алексей үс оҕолоохтор. Эдэр ыаллары дьиэлиир бырагыраамаҕа 2018 сылтан уочараттаабыттара. Онтон былырыын саас бу бырагырааманан 1 мөлүйүөн 30 тыһыынча солкуобайы ылан, күһүн 1 этээстээх, 12х8 кв.м. иэннээх, киин ититиигэ холбоммут дьиэни туттан киирбиттэрэ. Бу харчы тутар биригээдэҕэ, бэдэрээтчиккэ түһэр. Маны тэҥэ, Ийэ хапытаалын эмиэ туһаммыттара.
Кинилэр ыал буолан баран, бастаан кыыс дойдутугар Кэптиҥҥэ олорбуттара, онтон улуус киинигэр көһөн киирэн баран, дьиэ куортамнаан олорбуттара. Иккиэн «Уют» маҕаһыыҥҥа үлэлииллэр.
— Эдэр ыалга маннык бырагыраама баара үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Дьиэлэнэргэ көмө буолар. Түгэнинэн туһанан, Маалтааны нэһилиэгин баһылыга Д.Д. Борисовка, улууспут баһылыга Н.В. Андреевка, дьаһалта үлэһиттэригэр, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар барҕа махтал тылбытын тиэрдэбит. Бэйэ бас билэр, мас сытынан дыргыйар саҥа дьиэлээхпит олус үчүгэй, — диэн эдэр ыал аҕа баһылыга Алексей санаатын үллэстэр.
Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматыгар 2024 сылга федеральнай бүддьүөттэн 132 мөлүйүөн солкуобай, өрөспүүбүлүкэттэн 8 мөлүйүөн көрүлүннэ. Манна 32 улуус уонна 2 куорат уокуруга кытталлар. Барыта 300-чэ эдэр ыал олорор усулуобуйатын тупсарара күүтүллэр.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…