Бэрдьигэстээххэ оҕолор оробуочай идэлэргэ үөрэниэхтэрэ

Share

Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ Дьокуускайдааҕы тутуу-коммунальнай тиэхиньикума оҕолору оробуочай идэлэргэ үөрэтиэҕэ. 

Улуустааҕы үөрэх управлениета Дьокуускайдааҕы коммунальнай тутуу тиэхиньикумун кытта оскуола үөрэнээччилэрин идэҕэ туһаайыы хайысхатыгар сөбүлэҥ түһэрсиитин чэрчитинэн бырайыак олоххо киирэр. С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатыгар тиэхиньикум үөрэх-производственнай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Евгений Попов, быраактыка уонна производственнай үөрэхтээһин отделын салайааччыта Ева Картес кэлэн билсэн, үөрэх былаанын кэпсэттилэр.

Ол түмүгэр, оскуола 10 кылааһын үөрэнээччилэриттэн сүүмэрдээн, анал үөрэх бөлөҕө тэриллиннэ. Оҕолор маннык идэлэри баһылыахтара: штукатур, тутууга кырааскалааччы (маляр), каменщик, дьиэ санитарнай-тэхиньиичэскэй ситимнэрин уонна тэриллэрин көрөр-истэр үлэһит (слесарь), облицовщик-плиточник.

Үөрэх 5-6 ый устата интэриниэтинэн ыытыллар: практическай чааһа зачет, экзамены туттарыы тиэхиньикум баазатыгар буолара быһаарылынна. Оттон 2022-2023 үөрэх дьылын түмүгэр, оҕолор оробуочай идэлэри баһылаабыттарын туһунан сибидиэтистибэлэри илиилэригэр тутуохтара.

С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын «Кэскил» медиа-оскуолата,

Горнай.

Хаартыска: тустаах оскуола тиксэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ туттуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

36 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынны 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара күүтүллэр.…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

16 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

46 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Бүлүүгэ дьахтар 32 киилэлээх гиирэни уонна аккумуляторы уорбут

Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

2 часа ago