Салгыы
Бэрдьигэстээххэ олоххо көхтөөх дьон күнэ бэлиэтэннэ

Бэрдьигэстээххэ олоххо көхтөөх дьон күнэ бэлиэтэннэ

03.04.2024, 09:00
Хаартыска -- Ксенья Васильева тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Горнай улууһа уопсастыбаннай олоххо көхтөөх дьоно үгүһүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ холобур буолар оройуон.

Ол да иһин буолуо, үлэ бары бастыҥ уопута аан бастаан бу улууска чочуллан тахсан, атыттарга тарҕанар. Уопсастыбанньыктары түмэр ураты талааннаах салаайааччы, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ксенья Васильева муус устар 2 күнүгэр  Гражданскай актыбыыс күнүн хайдах бэлиэтээбиттэрин маннык сырдатта:

Биһиги, олоххо көхтөөх дьон бу күнү олус чугастык ылынабыт. Онон Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр нэдиэлэ устата уопсастыба олоҕо сайдарыгар, көхтөөх дьону кытары араас тэрээһиннэри ыыттыбыт. Ол курдук, социальнай бырайыактары олоххо киллэрбит Оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр (ЦДО), Бэрдьигэстээх Сэмэн Данилов аатынан орто оскуолатыгар, «Кырачаан ымыылар» уһуйааҥҥа уонна «Олоҥхо умсулҕана удьурхайга» Дьячковскайдар дьиэ кэргэн түмэллэригэр сылдьан, кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр (НКО) үлэлэрин кытта билистибит.

Көхтөөх, олоҕу көҕүлүүр дьон нэдиэлэтин арыйыы үөрүүлээх тэрээһинигэр Николай Ефремовка нэһилиэк аҕаларын сүбэтин салайарын туоһулуур дастабырыанньа туттардыбыт. Ону тэҥэ нэһилиэк бэтэрээннэрин сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Агеев, түөлбэ салайааччылара: Елена Винтоняк, Туйгууна Терентьева, Любовь Мордовская, «Сарыал» КСО бэрэссэдээтэлэ Майаана Моруот Махтал суруктарынан, оттон «Үрдэл» түөлбэ салайааччыта Светлана Лю-Фа Бочуотунай кырааматанан бэлиэтэннилэр.

Ити курдук, “биэс харчыта суох” өрүү босхо, дууһаларын баҕатынан биир дойдулаахтарын олоҕо тупсарын туһугар сүүрэр-көтөр, түбүгүрэр дьону хайаан да кэмигэр бэлиэтиир олус наадалаах. Бу Гражданскай актыбыыс күнүгэр төһө элбэх олоххо көхтөөх дьон махтал тылын истибиттэрэ буолла? Кинилэр биһиги аттыбытыгар сылдьаллар эбээт.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: