Саха АССР Үрдүкү Киин сэбиэтин президиумун 1940 сыл алтынньы 26 күнүнээҕи ыйааҕынан Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин Олохтоох сэбиэтэ тэриллибитэ.
Бу суолталаах бэлиэ күнүнэн сибээстээн, 2022 сыл алтынньы 26 күнүгэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр араас тэрээһиннэр буолуохтара. Ол курдук, сарсыарда 11 чаастан уһуйааннар уонна оскуолалар салалталара бииргэ үлэлэһээһин докумуоннарыгар илии баттаһыахтара. Онтон «Тапталлаах Бэрдьигэстээҕим» диэн оскуола оҕолоругар анаан ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу уруога ыытыллыаҕа.
Эбиэт кэнниттэн «Нэһилиэк дьокутааттарын тутула» диэн II интеллектуальнай дьыалабыай оонньуу ыытыллыаҕа. Киэһэ Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин олохтоох дьаһалтатыгар үлэлээбит бэтэрээннэри кытта «Нэһилиэк сайдыыта – түмсүүлээх буолууга» диэн үөрүүлээх көрсүһүү ыытыллыаҕа.
Ити курдук, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр олус кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр буолуохтара.
Хаартыска — СИА.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…