Бэрдьигэстээххэ оскуолаҕа киирэр элбэх оҕолоох ыалларга көмө аахсыйа тэрилиннэ
Бу күннэргэ “Биир ньыгыл баартыйа” оскуолаҕа киирэр элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр аахсыйаларын өйөөн, өрөспүүбүлүкэтээҕи бөдөҥ тэрилтэлэр салайааччылара, улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктара оскуолаҕа киирэр оҕону тэрийиигэ араас өйөбүлү оҥороллор.
Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин салалтата “Оҕону оскуолаҕа атаарыаҕыҥ” диэн анал аахсыйа биллэрдэ. Тэрээһин атырдьах ыйын 26 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Олохтоох дьаһалта салалтата “ким баҕалаах элбэх оҕолоох ыалларбытыгар канцелярскай табаарынан көмөлөһүөххэ”, диэн биир дойдулаахтарыгар ыҥырыы таһаарда.
Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Аргунов аахсыйаны бастакынан көҕүлээн, оскуола тэбээриннэрин аахсыйаны тэрийэр кэмитиэккэ туттарда. Кини эстэпиэтэни улуус баһылыгар Никита Андреевка туттарда.
Бу аахсыйа Дьиэ кэргэ уонна Оҕо сылларыгар ыытыллара кэрэхсэбиллээх.
Бу туһунан Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин дьаһалтатын пресс-сулууспатын телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: