Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев муус устар 24 күнүгэр Горнай улууһугар оробуочай сырыытын чэрчитинэн, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр саҥа олорор кыбартаал аһыллыытыгар сырытта.
Манна тутуллубут 7 тупсаҕай тутуулаах дьиэ 175 кыбартыыралаах: 5 олорор дьиэ – 26, элбэх кыбартыыралаах 2 дьиэ – 23 кыбартыыралаахтар. Саҥа кыбартыыраларга Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин 535 олохтооҕо 33 хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөн киириэҕэ.
«Өрөспүүбүлүкэ күнүн иннинэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр хаарбах олорор дьиэ пуондатыттан көһөөччүлэргэ элбэх этээстээх дьиэлэрдээх бүтүн кыбартаал эрэгийиэҥҥэ аан бастакынан киллэриллэр. Бу дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата көдьүүстээхтик олоххо киллэриллэрин көрдөрөр. Кэккэ уустуктар баалларын да иһин, биһиги судаарыстыбабыт үлэтин дьоһун суолталаах хайысхатынан дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы буолар. Бу үлэ инникитин да салҕаныаҕа”, — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Кыбартаалы үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыы сиэригэр-туомугар Ил Дархан дьиэлэр ыстаарасталарыгар саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин туттарда.
Бэлиэтээн эттэххэ, дьиэлэри “Адгезия” хампаанньа тутта.
Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев Ил Дархаҥҥа муниципалитекка олоххо киллэриллэр бырайыактары куруук өйүүллэригэр махталын биллэрдэ.
«Бүгүн үөрүүлээх күн – саҥа кыбартыыра күлүүстэрин туттубут. Түгэнинэн туһанан, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин олохтоохторун ааттарыттан Ил Дархаҥҥа махтал тылларын этиэхпин баҕарабын. Биһиги кини тыа сирин сайдыытыгар ыытар үлэтин өйүүбүт. Ол иһин, кэнники сылларга Бэрдьигэстээххэ элбэх улахан эбийиэк: элбэх хайысхалаах успуорт саалата, стадион баар буоллулар уонна саҥа оскуола тутуллар”, — диэн саҥа дьиэҕэ киирбиттэртэн биирдэстэрэ, эдэр ыал аҕата Петр Никулин үөрүүтүн үллэһиннэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed массыына 55 саастаах суоппара утары…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…