Бэрдьигэстээххэ түөлбэлэр успуорду өрө туталлар
Бу күннэргэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин түөлбэлэрэ төрүт оҕунан ытыыга күрэхтэстилэр.
Тэрээһин туһунан Бэрдьигэстээхтэн ыччат ааҕыныстыбатын пресс-сулууспатыттан Роман Дмитриев сырдатта:
— Тэрээһиҥҥэ 8 түөлбэ; «Сэттэ», «ДРСУ», «Үрдэл», «Мелиоратор», «Сардаҥа», «Киин», «Эйэ», «Чэбдик» кытыннылар.
Хас биирдии түөлбэттэн 18-тан 35-гэр диэри саастаах биир дьахтар уонна биир эр киһи кииристилэр.
Кыттааччылар балаһыанньаҕа олоҕуран, сахалыы таҥастаах киирэн күрэхтэстилэр, куобах, кус, тииҥ сыалларын ытыалаатылар.
Үксүлэрэ ох саа диэни бастакытын туттулар. Ох саа классическай көрүҥүнэн дьарыктанааччылар эмиэ бааллар.
Күрэхтэһии түмүгүнэн «Чэбдик» түөлбэ — l миэстэ , «Эйэ» — ll -миэстэ, «Сардаҥа» lll миэстэҕэ таҕыстылар.
Бу курдук олох бары түгэннэригэр — успуорка, субуотунньукка, кэнсиэргэ түөлбэлэрбит көхтөөхтүк кыттан, олох күөстүү оргуйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: