Бөрө – киитэрэй өйдөөх кыыл

Бөрө – киитэрэй өйдөөх кыыл

03.03.2024, 17:00
Хаартысканы Н.Захаров тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Кыһыҥҥы кэмҥэ дэриэбинэҕэ булчуту булан ылар олус уустук. Тыаҕа барбыттара быданнаабыт, ырааппыт буолар. Хата, бу сырыыга Томпо улууһун биллэр булчута Николай Захаров бөрөлөрү сонордоһон кэлэн олорор эбит.

Бэтэринээр идэлээх, билигин биэлсэр-санитарынан Мэҥэ Алдаҥҥа үлэлиир Николай Семенович Захаров эһээтин, аҕатын удьуордаан, булчут буолбута. Эһээтэ Семен Егорович, аҕата  сылгыһыт Семен Семенович – биллэр булчуттар, кини булдунан үлүһү­йэригэр үтүө холобур буоллахтара. Убайа – аҕатын бииргэ төрөөбүт быраата эмиэ кадровай булчут Николай Семенович Захаров билигин Сайдыыга олорор. Дьэ, онон кинилэр ту­­йахтарын хатаран, бэйэтин баҕатынан булт абылаҥар ылларбыт.

Ааспыт сыл түмүгүнэн улуус­ка биллэриллибит бөрө­һүттэр күрэхтэһиилэригэр бастаабыт. Ол курдук, сэттэ бөрөнү сууһарбытын иһин 360 тыһ. солкуобай харчынан  бириэмийэлэммит. Хата, ити үбүнэн атах тардыһарыгар “буран” ылыммыт.

Улууска тэриллибит икки мобильнай биригээдэттэн биирдэстэрин кини сала­йар. Онон улууска адьырҕалар тыа хаһаайыстыбатыгар, дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталы үөскэппэттэрин курдук бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрэр.

– 2008 сылтан бөрөлүүбүн. Бултуур сирим Амма төрдүгэр баар, мантан икки көс тэ­­йиччи сытар. Атыттар курдук күһүн-саас кустуурбун-хаас­тыырбын сөбүлүүбүн. Тайахха да сылдьааччыбын. Ол эрээри ити эппитим курдук, кэнники наар “бөрөҕө охтон хааллым”. Сонордоһон бултуур интэриэһинэй бөҕө буоллаҕа.  Чааркаан, туһах иитэн, хайыһарынан эккирэтэн, тоһуйан бултуубун, – диэн кэпсээнин саҕалаата сонордьут.

“Элбэх буолан бултаатыбыт”

Бу соторутааҕыта Томпо улууһун булчуттара бөрөлөрү эккирэтэн, бултаабыттарын туһунан сонун Саха сиригэр тилийэ көппүтэ. Онно хаартыскаҕа көрдөххө, элбэх киһи кыттыбыт. Кинилэр ортолоругар Н.Захаров эмиэ баара уонна биир сүрүн тэрийээччинэн буол­бута кэрэхсэбиллээх.

–  Түгэнинэн туһанан, “Саха сирэ” хаһыат нөҥүө  ыҥырыыбын быһа гыммакка кэлэн сонордоспут уолаттарбар махтанабын. Ол курдук, Афанасий Колодезниковка, Александр Кривошапкиҥҥа, Родион Кривошапкиҥҥа, Анатолий Колодез­никовка, Дмитрий Колодезниковка, Семен Дарбасовка, Дмитрий Поповка, Сергей Егоровка, Николай Захаровка, Инно­кентий Слепцовка, Николай Степа­новка, Василий Матаркиҥҥа, Николай Колодезниковка, Артур Ордаховка, Петр Егоровка, Максим Захаровка, Саһыл  нэһилиэгин баһылыга Степан Яковлевка уонна Сайдыы хоһуун уолаттарыгар, улуус­тааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын суоппара Альберт Эляховка  дьону таспытын иһин махтанабын. Улуус дьаһалтата уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета бу күргүөмүнэн барарбытыгар  уматыгынан хааччыйан абыраатылар. Үс буочука бэнсиини бараатыбыт, сылдьыбыт сирбит киэҥэ да бэрт буоллаҕа. Бу күннэргэ сороҕор сүүрбэччэ, сороҕор – 15, сороҕор уонча киһи буолан сырыттыбыт. Уопсайынан ыллахха, бөрөлөр кэллилэр даҕаны тута суох гыныахха наада. Оннук гымматахха, үөскээн-тэнийэн элбииллэр, кыайтарбат буолаллар.  Сайдыылар ыксаан миигин ыҥырбыттара. Бу сырыыга күөйэн, арыыга киллэрэн хаа­­йан эҥин, араастык албас­таатыбыт. Биирдии нэдиэлэҕэ биирдии бөрөнү бултаатыбыт, – диир сэһэргэһээччим.

Хаартысканы Н.Захаров тиксэрдэ.

“Майгылара араас буолар”

Кини бөрөнү сүрдээх киитэрэй кыылынан ааҕар. Бу адьыр­ҕа кыыллар киһи курдук эмиэ бары тус-туһунан майгылаахтарын бэлиэтиир. Сорох куттас, сорох ньүдьү-балай буолар эбит. Ол иһин кини бултуохтаах кыылын суолун-ииһин сыныйан үөрэтэн баран, бултуур идэлээх. Оннооҕор бултуур сиргин-уоккун үчүгэйдик үөрэтэриҥ эмиэ туһалааҕын этэр. Холобура, хас да сыллааҕыта Тополинайга ыҥыран бултата сылдьыбыттар, убайыныын тиийбиттэр. Тополинай хайа дойду, сүүрэ сытар, тоҥмот үрэхтээх, олох атын айылҕалаах сиргэ эмиэ сирийэн үөрэппитэ туһалаабыт,

– Саҥа дьыл иннинэ үһү ылбытым. Саҥа дьыл кэнниттэн эмиэ – үһү. Бу кэлин экологиялар хапкаан, туһах ылан биэрбиттэрэ. Сүрүннээн бултуур тэрилбитин бэйэбит хааччынабыт. Үктүөн сөп диэбит сирбэр хапкаан иитэбин. Тэриллэрбин бэйэбэр табыгастаах гына оҥорорбун сөбүлүүбүн. Атын да булчуттар оннук гыналлар. Туут хайыһардаахпын, онтукам абырыыр.  Бу адьырҕалар ордук сааскы кэмҥэ биллэллэр. Саамай хаамар кэмнэрэ буолар.  Бултаабыт кыылыҥ тириитин сүлэргинээҕэр бултаан ыларыҥ күүһү-күдэҕи ылар, сэниэни барыыр, тоҥоҕун-хатаҕын. Син баччааҥҥа диэри этэҥҥэ сылдьан, туох да мүччүргэннээх сырыыга түбэспэккэ кэллим. Тыйыс тымныыга сылдьар Саха сирин булчуттарын олох күүскэ өйүөххэ наада дии саныыбын. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улуустарга да буоллун. Биһиэхэ Мэҥэ Алдаҥҥа үс-түөрт булчут баар, – диэн кэпсээнин түмүктээтэ  Николай Семенович.

Н.Захаров бэтэринээр идэлээх буолан, быйылгы кыстык туһунан эмиэ ахтан ааста. Сылгыга ыарахан кыстык, ынахтар саҥа төрөөн эрэллэр диэн кэпсиир хайдах баарынан.

Сорсуннаах сонордьукка Баай Байанайа өссө тосхойдун!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: