“Бэрээдэги кэспэппит, олохтоох сокуону тутуһабыт”
Саха сиригэр араас омук дойдуларыттан үлэ көрдөөн бэрт элбэх киһи кэлэр-барар. Бу, биллэн турар, судаарыстыба өттүттэн сокуонунан хонтуруолланыахтаах. Бу билигин күн аайы оҥоһуллар уочараттаах эриэйдэҕэ кыттыһан, тустаах тэрээһин хайдах ыытылларын көрдүм-иһиттим.
Эриэйдэҕэ барыы
СӨ ИДьМ-ын миграция боппуруостарыгар управление Дьокуускайдааҕы салаата ааспыт күһүн саҥа үлэлиир сири-уоту тэрийбитэ. Окружной шоссе 4-с км турар “Олекма” атыы дьиэтигэр Элбэх өҥөнү оҥорор миграция киинэ (Многофункциональный миграционный центр) үлэлиир. Манна кэлии дьон Саха сиригэр сокуоннайдык олорорго, үлэлииргэ аналлаах туох баар ирдэнэр докумуоннарын оҥороллор. Гражданство ылыы, үлэҕэ көҥүл, доруобуйаны тургутуу барыта биир сиргэ ыытыллар.
Оптуорунньук күн киэһэтигэр манна полиция араас салааларыттан быраабы араҥаччылыыр үлэһиттэр кэлэн эрдэ бэлэмнэммит аадырыстары ылан, миграннар олорор дьиэлэрин кэрийэргэ сорудах ыллылар. Тугу бэрэбиэркэлииллэрий? Баар докумуоннар сокуоҥҥа сөп түбэһэллэрэ, хас киһи олороруй, олорор усулуобуйа (холобур, утуйар сир ахсаана), аттынааҕы олохтоохтор сыһыаннара (мэһэйдиир тыас-уус, кэлии-барыы баара эбэтэр суоҕа), дьиэни куортамныыр хаһаайын аата-суола. Балар барыта кичэллээхтик боротокуолланаллар, онон биир аадырыска балачча элбэх бириэмэ баранар эбит.
Мин Айаал уонна Ренат диэн ааттаах полиция үлэһиттэрин кытта Рыдзинскай, Хабаров уулуссаларын эргин барыстым. Уолаттар этэллэринэн, маннык үлэҕэ сыл саҕаланыаҕыттан хаста даҕаны сылдьыбыттар.
Саид Ходжа аймах уолаттара
Бастакынан тиийбит аадырыспытыгар үс эдэр уол көрүстэ. Бэрт дьоҕус кыбартыыра – биир хос уонна киирэр аан таһыгар аһыыр сир. Хос муостата олоччу сытар сиринэн тэлгэммит. Уолаттартан биирдэстэрэ нууччалыы бэрт өйдөнөрдүк быһаарсар. Кини кыбартыыра хаһаайыныгар төлөпүөннээтэ, боротокуол толорсон саҕалаата. Муджахуддин Мушариф 19 саастаах, Таджикистантан соторутааҕыта көтөн кэлбит. Кыра бутуурдаах соҕус боротокуоллаһыы кэмигэр төрдүс уол тиийэн кэллэ, кини нуучча тылын лаппа ордуктук билэрин өйдөөн, Ренат кинини кытта боротокуол толорорго сананна. Ону туһанан Муджахуддины кытта кыратык кэпсэттим. Тутуу үлэтигэр кэлбиттэр, бары дойдуларын араас оройуоннарыттан сылдьаллар. Ханна, тугу үлэлииллэрэ өссө биллибэт, саҥардыы олорорго аналлаах докумуоннары оҥорторууну саҕалаабыттар. Ол эрэн, үлэ баар буоларыгар толору эрэллээх, “Аҕа саастаах аймахпыт ыҥырбыта, үлэ баар диэбитэ”, – диир. Бу кэмҥэ дьиэ хаһаайына тиийэн кэллэ. Саид Ходжа Нурджонов, кырдьык аҕа көрүҥнээх, көрүҥүттэн көрөн “биэс уонун ааспыт киһи дуу?” диэн саас быспытым, сыыспыт эбиппин. 1980 сыллаах төрүөх, бэйэбиттэн эдэр буолан биэрдэ.
“2017 сыллаахха бу дьиэ тутуллаатын кытта кыбартыыраны атыыласпытым. Биһиги доҕотторбут бу дьиэни туппуттара. Онтон ыла манна аймахтарбын көрсөбүн, олордобун. Сорохтор улуустарга тутууга барыахтарыгар диэри олороллор, сорохтор Дьокуускайга үлэлиир кэмнэригэр дьиэлэнэллэр. Бэрээдэги кэспэппит, олохтоох сокуоннары барытын тутуһары кытаанахтык ирдиибин”, – диэн кэпсээтэ. “Ходжа диэн төрүүргэр бэриллибит аатыҥ дуо?” диэн ыйыппыппар, “Суох, Меккаҕа хадж оҥорбут эрэ киһи аатыгар “ходжа” диэн сыһыарынар бырааптаах. Былырыын сибэтиэй сиргэ баран, Саид Ходжа диэн ааттанар буолбутум. Хас биирдии ислам итэҕэлин ытыктыыр киһи олоҕор биирдэ хадж оҥоруохтаах!” – диэтэ. Хоско баар уолаттар барыта аймахтарым диир.
Айаал чугастааҕы кыбартыыра хаһаайыннарын кытта кэпсэтэн киирдэ. Үҥсүү суох эбит, “кэлии дьон баарын билэбит, чуумпулар” диэбиттэр.
“Хаһаайыннар Арменияҕа олороллор”
Иккис тиийбит аадырыспыт – улахан чааһынай дьиэ. Бастаан кыра мунаахсыйыы буолла, ыйыллыбыт аадырыс 2ГИС-ка бэлиэтэммэтэх эбит. Миэстэтигэр тиийбиппитигэр, өйдөннө, саҥатык соҕус тутуу эбит. Балачча өр тоҥсуйбуппутун кэнниттэн түннүгүнэн киһи өҥөс гынна. “Полиция, ааҥҥытын аһыҥ!” диэн ирдэбили истээт иһирдьэ дьылыс гынна, чочумча буолан баран, олбуор аана аһылынна. Ованес манна олорбот эбит, гарааска массыына туруора таарыйа куортамныыр дьону көрө кэлбит. Кини дьиэ хаһаайынын аймаҕа эбит: “Кэргэним эдьиийин дьиэтэ”, – диир. Дьиэ хаһаайыннара Арассыыйа гражданнара, ол эрэн, быйыл Арменияҕа кыстыы барбыттар. Икки гараастаах, икки мэндиэмэннээх улахан дьиэ, олорор кыбартыыраларга араарыллыбыт. Тиийбит кэммитигэр биир кыбартыыра эрэ аһаҕас, куортамнааччы дьахтар Киргизияттан кэлбит. Кинини кытта кыыһа олорор эбит, үлэлии барбыт. Тута пааспарын аҕалла, маннык эриэйдэлэргэ үөрүйэҕэ көстөр, нуучалыы үчүгэйдик кэпсэтэр.
Атыы-кутуу эйгэтигэр үлэлиир эбит. Саха сиригэр кэлбитэ ырааппыт. Олунньуга күн уһаабытыттан үөрэр: “Тымныыга үөрэммитим ыраатта, ол эрэн, кыһын күн суоҕуттан олус эрэйдэнэбин”, – диэн кэпсиир. Дьиэ хосторо ыраас, киэҥ-куоҥ, олохтоохтук дьаһанан олороллоро тута көстөр. Бэрт улахан дьиэ буолан боротокуоллаһыы уһуурун өйдөөн, Айааллаах Ренаты кытта илии тутуһан баран, эрэдээксийэм диэки хаамтым.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: