Бөрөлөөххө бөртөлүөтүнэн ас-үөл тиийбитэ
21.12.2022, 12:50
Бөлөххө киир:
Бөрөлөөхтөр Чокуурдаахха дьаабылыка кэһиилээх кэлбиттэр диэн сонуну истэн, соһуйдубут да диэххэ сөп.
Кырдьык, Аллайыаха улууһун саамай ыраах сытар нэһилиэгэр – Бөрөлөөххө Саҥа дьылы үөрэ-көтө көрсөр буолбуттар. Ол курдук, бу ахсынньы ортото “Якутоптторг” тэрилтэ бөртөлүөтүнэн аһы-үөлү, оҕуруот аһын, фруктаны тиэрдибитэ. Онон нэһилиэнньэ бэйэтин наадыйыытынан атыылаһа олорор.
— Хомойуох иһин, бөртөлүөт кэлиитин оҕуруоппут аһын түргэнник тоҥорбокко сүөкүүр аймалҕаныгар хаартыскаҕа түһэрбэккэ хаалбыппыт. Кыһыҥҥы суолбут билиҥҥитэ арылла илик, ол аһылыннаҕына оттукпут кэлиэҕэ. Билигин дьон “буранынан” сылдьар, — диэтэ нэһилиэк баһылыга Егор Рожин.
Хаартыска: СИА
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: