Салгыы
Бөрөлөөххө биэлсэр тиийдэ

Бөрөлөөххө биэлсэр тиийдэ

30.01.2023, 18:30
Бөлөххө киир:

Аллайыаха улууһун саамай кытыы нэһилиэгэ – Бөрөлөөх. Манна киһи кэлэрэ да ахсааннаах.

Билигин кыһыҥҥы суолунан улуус кииниттэн хочуолунайга анаан  уматык тиэммит “СӨ ОДьКХ” ГУП филиалын массыыналара тиийэн, кый ыраах сытар кытыы сири сэргэхситэллэр. Манна дьиэ-уот да аҕыйах, түөртүү, иккилии кыбартыыралаах аҕыйах дьиэни кытта үс чааһынай дьиэҕэ дьон олорор.

— Быйылгы кыстык этэҥҥэ бара турар. Арай, сонуммут диэн – Чокуурдаахтан биэлсэр үлэлии кэллэ. Онон олохтоохтор, дьэ, арыый абыранар инибит. Дьиҥэ, биэлсэр үлэлииригэр усулуобуйа баар буолла. Саҥа ФАП быйыл саас тутуллубута. Онон бөһүөлэк олохтоохторо биэлсэрдэнэммит, үөрдүбүт, — диир нэһилиэк баһылыга Егор Рожин.

Хаартыска: Чокуурдаахтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 февраля
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: