Бөрөлөөххө — «Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур» дьүһүйүү
Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгэр «Гяван» култуура киинэ Арассыыйаҕа биллэриллибит дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Оҕо саас сылларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.
Эҕэрдэ тылынан нэһилиэк олохтоохторун баһылык Егор Николаевич Рожин эҕэрдэлээтэ уонна дьиэ кэргэн, оҕо саас сыллара хас биирдии олохтооххо ситиһиилээх буоларыгар баҕа санаатын тиэртэ. «Гяван» дириэктэрэ Ефим Константинович Ефремов дьиэ кэргэн сыла «Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур» диэн дьүһүйүүнэн аһылларын биллэрдэ уонна саха норуотун төрүттээччилэриттэн биирдэстэрин Эллэй Боотур курдук күүстээхтик үлэлээн-хамсаан байылыат олохтонуҥ диэн этэн туран биэчэри арыйда.
Кулууп үлэһиттэрин уонна олохтоох оскуола «Маска» тыйаатыра кыттыылаах дьүһүйүүнү олохтоохтор сэҥээрэн көрдүлэр. Кыра сир олохтоохторо тэрээһиҥҥэ бары күүс-көмө буолбуттарын иһин кулууп үлэһиттэрэ махтаннылар. Ол курдук, нэһилиэк олохтоохторо атрибуттары оҥорууга, көстүүмнэри бэлэмнээһиҥҥэ, видеоҕа, хаартыскаҕа түһэриигэ барытыгар олус көхтөөхтүк кытыннылар.
Саамай көхтөөх кыттыыны Уваровскайдар дьиэ кэргэн ылан дьон махталын ылыахтарын ыллылар. Ыал ийэтэ Мария Уваровская оҕолоругар икки үҥкүүнү туруоран, дьүһүйүүнү ордук киэргэттэ.
Надежда Дьяконова.
Хаартыскалары: Герасимова У.М. түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: