Бөрөлөөххө — «Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур» дьүһүйүү

Share

Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгэр «Гяван» култуура киинэ Арассыыйаҕа биллэриллибит дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Оҕо саас сылларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.

Эҕэрдэ тылынан нэһилиэк олохтоохторун баһылык Егор Николаевич Рожин эҕэрдэлээтэ уонна дьиэ кэргэн, оҕо саас сыллара хас биирдии олохтооххо ситиһиилээх буоларыгар баҕа санаатын тиэртэ. «Гяван» дириэктэрэ Ефим Константинович Ефремов дьиэ кэргэн сыла «Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур» диэн дьүһүйүүнэн  аһылларын биллэрдэ уонна саха норуотун төрүттээччилэриттэн биирдэстэрин Эллэй Боотур курдук күүстээхтик үлэлээн-хамсаан байылыат олохтонуҥ диэн этэн туран биэчэри арыйда.

Кулууп үлэһиттэрин уонна олохтоох оскуола «Маска» тыйаатыра кыттыылаах дьүһүйүүнү олохтоохтор сэҥээрэн көрдүлэр. Кыра сир олохтоохторо тэрээһиҥҥэ бары күүс-көмө буолбуттарын иһин кулууп үлэһиттэрэ махтаннылар. Ол курдук, нэһилиэк олохтоохторо атрибуттары оҥорууга, көстүүмнэри бэлэмнээһиҥҥэ, видеоҕа, хаартыскаҕа түһэриигэ барытыгар олус көхтөөхтүк кытыннылар.
Саамай көхтөөх кыттыыны Уваровскайдар дьиэ кэргэн ылан дьон махталын ылыахтарын ыллылар. Ыал ийэтэ Мария Уваровская оҕолоругар икки үҥкүүнү туруоран, дьүһүйүүнү ордук киэргэттэ.

Надежда Дьяконова.

Хаартыскалары: Герасимова У.М. түһэриитэ

Герасимова У.М. түһэриитэ
Герасимова У.М. түһэриитэ
Герасимова У.М. түһэриитэ
Герасимова У.М. түһэриитэ
Герасимова У.М. түһэриитэ
Герасимова У.М. түһэриитэ
Герасимова У.М. түһэриитэ
Герасимова У.М. түһэриитэ
Герасимова У.М. түһэриитэ
What’s your Reaction?
+1
11
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

10 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

10 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

11 часов ago