Аллайыаха улууһун ыраах сытар суоллаах-иистээх Бөрөлөөх нэһилиэгэр алтынньы 12 күнүгэр хортуоппуй уонна оҕуруот аһа тиийбит. Бастаан оҕуруот аһын улууска тиэйэн аҕалалларыгар Бөрөлөөххө суола сабыллан, кыайан тиийбэтэҕэ.
— Ону улууспут баһылыга Яков Елисеев биир бөһүөлэкпитигэр сибиэһэй оҕуруот аһа тиийбэтэ диэн Дьокуускайга Бырабыыталыстыбаҕа туруорсубута. Ону өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев тута болҕомтоҕо ылан, ыаллыы Абый улууһун Белай Горатыттан бөртөлүөтүнэн быһа тиэрдэргэ сорудахтаабыта. Белай Гораҕа “Якутоптторг” тэрилтэ логистика киинин арыйан абыраабыт. Ол ыскылаакка хараллыбыт сибиэһэй оҕуруот аһа уонна хортуоппуй Бөрөлөөххө кэлбитэ. Кэлбит сибиэһэй аһы олохтоохторго дэлэччи түҥэттилэр. Сыаната да чэпчэки. Онон олохтоохтор үөрүү бөҕөбүт. Ол иһин Айсен Сергеевичка, “Якутоптторг” тэрилтэҕэ, улууспут баһылыгар Яков Елисеевка, Саха сирин Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин үчүгэй хаачыстыбалаах оҕуруот аһын үүннэрбит хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, бөртөлүөт экипаһыгар махтанабыт, — диэн төлөпүөнүнэн махталын тириэртэ Бөрөлөөх олохтооҕо Надежда Дьяконова.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…