Бөрөлөр биир да сылгыны тардыбатылар
Амма улууһун Болугур нэһилиэгин бөрө үөрэ буулаабытын, сылгылары тардан хаһаайыстыбаҕа улахан хоромньуну таһаарбытын, дьон куттанан таһырдьа да тахсыбат буолбутун туһунан сурах бассаап ситимигэр тарҕанна.
Бассаапка тарҕаммыт сурук
«Бу аҕыйах хонуктааҕыта тоһуттар томороон тымныылар сатыылаан турар кэмнэригэр, аар тайҕа кытыытыгар, Амма кытыы нэһилиэгэр бөрө үөрэ үс сылгыны тардан улахан хоромньуну таһаарда. Хас түүн аайы улуйан утуйар уубутун аймаатылар. Нэһилиэк кытыы дьиэлэрин тула сүүрэн, ыты тутан дьоҥҥо кутталынан суоһаатылар. Кыра наадалаах киһи таһырдьа тахсара кутталланна. Сарсыарда эрдэ туран үлэлэригэр барар, киэһэ хойут ойуур быыһынан төннөн кэлэр дьоҥҥо аһыыларын килэппит адьырҕа бөрөлөр оҕолорго, улахан дьоҥҥо улахан кутталы үөскэттилэр. Дьон ыттарын дьиэҕэ киллэрэн харабыллатар буоллулар. Күнүстэри-түүннэри бөрөлөр сылдьалларын, улуйалларын чуор кулгаахтарынан истэн, сытырҕаан билэн, аан диэки хайыһан олорон арҕастарын туруоран ырдьыгыныыр буоллулар. Дьон олоҕо айманна, мас хайытыллыбат, муус киллэриллибэт буолла. Аны бу суруйа олордохпуна, үөр бөрө сылгы баазатыгар саба түһэн элбэх сылгыны туппут сураҕа кэллэ. Туһааннаах тэрилтэлэр суһал миэрэни ылаллара наада буолбут…» диэн сурук өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүтэ.
Быйыл Михаил Филиппов салалталаах биир биригээдэни тэрийэммит уопсайа алта бөрө бултанна. Үс бөрө – сыбаалкаттан, үс – Күүлүпчү үрэҕиттэн.
Биһиги Болугур нэһилиэгин баһылыгын кытта сибээстэһэн балаһыанньа хайдаҕын чопчуластыбыт.
Андрей Петров, Амма улууһун Болугур нэһилиэгин баһылыга:
– Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорумҥа сырыттахпына, нэһилиэкпитин бөрөлөр буулаабыттарын, оннооҕор бөһүөлэккэ киирэн дьону куттуулларын туһунан суруйбуттарын истибитим. Биллэн турар, бу барыта сымыйа сурах буолар. Нэһилиэкпитигэр ханнык даҕаны куттал суоһаабат, бөрөлөр биир да сылгыны тардыбатахтар. Омуннаах кэпсээн тарҕанан бу күннэргэ миэхэ элбэх суруналыыс эрийэ сырытта. Ол эрээри, кэлиҥҥи кэмҥэ бөрөлөр элбээбиттэрин туһунан истэ-билэ олоробут. Эрдэттэн сөптөөх миэрэни ылар курдук быйыл Михаил Филиппов салалталаах биир биригээдэни тэрийэммит уопсайа алта бөрө бултанна. Үс бөрө – сыбаалкаттан, үс – Күүлүпчү үрэҕиттэн.
Болугур бөрөһүтэ
Георгий Филиппов, бөрөһүт:
– Идэбинэн уот ситимин мончуорбын. Болугур, Өнньүөс нэһилиэктэригэр сыһыарыылаахпын. Бөрөҕө ылсан бултаабытым үһүс сылым буолар. Биригээдэбитигэр үһүөбүт. Убайым Михаил Филиппов уола Ньургуннуун уонна мин буолан быйыл уопсайа алтаны бултаатыбыт. Былырыын Саҥа дьыл саҕана сылгы бөҕөтүн тардыбыттара. Уҥуор бааһынаҕа – биир сылгыны, мииниллэр аты. Онон мунньахтаан баран нэһилиэк дьаһалтата уматык, харчы көрөн бултуурга санаммыппыт. Нэһилиэкпит дьаһалтата бөрө төбөтүгэр 15 тыһ. солк., оттон улууспут биир төбөҕө 20 тыһ.солк. көрбүтэ. Элбэх бөрөнү бултаабыт киһиэхэ 100 тыһ. солк. бириэмийэ биэрэбит диэн күрэхтэһии курдук тэрийбиттэрэ. Биһиги иккилиини бултаабыппыт. Эмис нэһилиэгин Олом Күөл учаастагын олохтооҕо Егор Николаевич Кузьмин түөрт бөрөнү ылан бириэмийэлэммитэ. Бөрөлөр тымныы муҥутаан турар кэмигэр ордук сэрэхтээхтэр. Быйыл биир да сылгыны бөрөҕө былдьаппатыбыт, адьырҕалар арай кулааһайы туппуттар этэ. Лиссиэнсийэ ылан бэлэмнэнии үлэтэ эрдэттэн барбыта. Сылгыны тардыбытын кэннэ бултаатахха, хойутааһын буолар. Быйыл үһү Күүлүпчү үрэҕин таһыгар хапкааннаан ылбыппыт. Ити эмиэ сылгы аһыыр сирэ буолар. Нэһилиэктэн чугас сыбаалкаҕа киирбиттэр диэни истэммит үһү ыллыбыт. Саанан ытан ылар уустук буолар. Былырыыҥҥы бултаабыт бөрөлөрбүт тириилэрин «Сахабулт» тэрилтэ атыыласпыта. Быйылгыбытын ханнык тэрилтэ ыларын билбэппин. Бөрө аһары дэлэйдэҕинэ, хаһаайыстыбаҕа улахан хоромньуну оҥорор. Онон биһиги нэһилиэкпит баһылыга быйыл эрдэттэн сөптөөх миэрэни ылан сылгыларбыт этэҥҥэ кыстаан эрэллэр.
Бөрө туһунан чахчылар
Алдан оройуонугар сылдьан урут табаһыт кырдьаҕаһы кытта кэпсэтэн турардаахпын. Онно кини «Бөрө олус өйдөөх кыыл, киһи саҥатын истэр, өйдүүр» диэбитин өйдөөн хаалбыппын. Сааһын тухары табаларын бөрө айаҕыттан харыстаан, манаан кэлбит кырдьаҕас, киһилии кэпсэттэххэ истэр ээ диэбиттээҕэ. Ол кэпсэтииттэн тугу өйдөөн хаалбыппын сырдатыам.
Бөрө – өбүгэ саҕаттан ытыктанар кыыл. Кини көҥүлү кытта ситимнээх. Ол да иһин оннооҕор бөрө хараҕын дьахтар аймах утары көрүө суохтаах диэн өйдөбүл баар. Үөрүнэн сылдьар кыыл буолаллар. Киһи хараҕар мээнэ көстө, быраҕылла сатаабаттар. Хаһан даҕаны дьоҥҥо бастакынан саба түспэттэр. Арай хапкааҥҥа хаптардаҕына эбэтэр ииримтийиинэн ыалдьыбыт буоллаҕына, киһиэхэ саба түһүөн сөп. Дьонноох сиртэн кыраҕыйаллар. Үксүн кыылга саба түһэллэр. Бөрө – айылҕаны ыраастааччы буолар (санитар). Кини этээҕирбит, мөлтөөбүт-ахсаабыт, ыалдьыбыт кыылга саба түһэр. Онон ыарыы тарҕаныытын бохсор да диэн өйдүөххэ сөп. Саха сирин бөрөлөрө бөдөҥнөрүнэн, тымныы, тыйыс усулуобуйаны тулуйумтуоларынан уратылар. Биир түүн иһигэр бөрө 80 км хаамыан сөп. Улахан бөрө ыйааһына 80 кг тиийиэн сөп.
Георгий Филиппов тус архыыбыттан хаартыскалар
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: