“Бөрөнү өйгүнэн-санааҕынан кыайыахтааххын”
Ааспыт нэдиэлэҕэ Биологическай ресурсалар, ураты харыстанар айылҕалаах сирдэр уонна аан айылгылар дириэксийэлэрэ “Булчут күнүн” чэрчитинэн бөрөһүттэри түмэн, уопут атастаһыытын тэрийдэ.
Сэминээргэ Сунтаар, Орто Халыма, Хаҥалас, Мииринэй, Амма, Таатта уо.д.а. улуустартан уопсайа 20 тахса киһи кытынна. Сэминээргэ СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Николай Додохов соҕотуопкаһыттарга быйыл 15 мөл. солк. үп көрүллүбүтүн, ону тэҥэ сокуоҥҥа көҕүлээһиннэри киллэриигэ үлэлэһэллэрин бэлиэтээтэ.
Булчут-бөрөһүттэр туох туһунан кэпсэттилэр? Бастатан туран, урукку кэмнэргэ бу адьырҕаны бултааһыҥҥа бөртөлүөтү көтүтэллэрэ көдьүүстээх буола сылдьыбытын кырдьаҕас булчуттар аҕыннылар.
“Кулун тутар ыйтан хаар ууллуор диэри көтөллөрө. Оннук бултаабыт бастакы сылларыгар – 23-һү, иккис сылыгар 28-һы сууһарбыттара. Үһүс сылыгар уопсайа 93 бөрөнү өлөрбүттэрэ”, – диэн кэпсээтэ Амма Олом Күөлүн кырдьаҕас булчута Николай Егорович Кузьмин. Онтон ити 1986 сылтан, бөрө диэни умна быһыытыйбыттарын кэннэ, билигин, дьэ, ханан даҕаны элбээбит. Бириэмийэ көрүллүүтэ, биллэн турар, булчуттары көҕүлээбит. Ол эрээри, сороҕор эмиэ ол мэһэйдээх. Холобура, Болугурга 15 сылгыны тардыбыттарыгар нэһилиэк баһылыга 20 тыһ. хас биирдии бултаммыт бөрөҕө бириэмийэ олохтообут. Онуоха элбэх булчут кыттаары, бөрөлөрү үргүппүт түгэннэрэ баар. Сунтаартан кэлбит булчут бириэмийэни уонна өйөбүл харчыны кэмигэр төлүүллэригэр баҕа санаатын эттэ. Мииринэйтэн Владислав Александров хоту улуустар бултуулларыгар бэнсиин биир лиитирэтин 72 солк. атыылаһаллара олус ороскуоттааҕын ыйда.
«Былааҕынан бултаан, аччаттыбыт»
Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо Петр Кириллин – улууска тарбахха баттанар булчут. 2000 с. кинини күндү түүлээх соноругар, тайҕа кистэлэҥнэригэр Михаил Илларионович Софронов уһуйбута. Намҥа Кэҥкэмэ үрдүгэр – Бэтэкээн диэн сиргэ иккиэн уонча сыл бииргэ бултаабыттара. Онон тайахха, кырдьаҕаска да сылдьыбыта, 2000 с. бастаан андаатартан саҕалаан, салгыы киискэ киирсибитэ.
– Настаабынньыгым миигин бөрөнү олох тыыппат буол диирэ. Кини бу кыылы кытта өйгүнэн-санааҕынан, куккунан кыайар эрэ буоллаххына, киирис диирэ. Атыттар даҕаны, иэстэбиллээх кыыл диэччилэр. Бастаан 2013-2014 с. сезонугар холонон көрбүтүм. Онтон 2015-2016 с., дьэ, дьарыктаммытым. Булчут буолан, хапкаан иитиитин сатыырым. Бэйэм алҕастарбыттан үөрэнэн, бултаһан барбытым. Урут булт литературата баара абыраабыта. “Охота” сурунаалы суруйтарарым, онно сөптөөх ыстатыйалары аахпытым бултуурбар көмөлөспүтэ.
Дьэ, онтон сылгы ииттэн саҕалаабытым. Ол иннинэ бөрөлөр саба түһүүлэрэ тахсыталаабыта. Онно Петр Кустурович диэн элбэх сылгылардаах киһи бөрөнү кытта бултаһара. Петр биирдэ миигин: “Бултаа эрэ”, – диэбитэ. Онон бастаан хапкааннаан саҕалаабытым. Бөрө күүһүн-кыаҕын эппинэн-хааммынан билбитим. Хапкаан чэҥкээйитин да алдьатан, сыабын да быһан, олус эрэйдээбитэ. Урут настаабынньыгым барахсан эргэ хапкааннарын илдьэ хааллаҕым дии. Онтон аны “Сокольцов”, салгыы “Урал-7” хапкааҥҥа көспүтүм. Сылгылардаах улахан хаһаайыстыбаны икки бөрө үөрэ буулаабыта (биэлэри бэлиэтиирэ, убаһалары тардара). Айан трассатыгар олох чугас кэлэр буолбуттарын, олохтоохтор ыттарга күтүрүүллэрэ. Мин ону суоллаан, адьырҕалар кэлэн барбыттарын билбитим. Ити курдук, 2018-2019 сылларга сылгы бөҕөтүн тардыбыттара. Биир үөртэн элбээбитэ 4-дү ылбытым.
Дьэ, онтон Намҥа былааҕынан бултааһыны саҕалаабыппыт. Бөрөнү бултаһарга ыарахан бөҕө. Этэргэ дылы, “табаарыстара” хапкааҥҥа хаптарбыттарын көрдөхтөрүнэ, атыттара сэрэхэдийэллэр. Эн бултуур албаскын хайыы-үйэ сыттаан билбит курдук буолааччылар. Быһата, мээнэ киһи ылсыбат булда эбит. Куораттан Константин Орлов диэн уопуттаах булчуту ыҥырбыппыт. Кини бэлэм былаахтардаах кэлбитэ. Онон уһуннук эккирэтиһэн, ый курдук суоллаабыппыт. Бөрө сылдьар ыырынан наар каарта оҥорор үгэстээхпин. Оннук сонордоһон, ханна сытар сирдэрин билэбит, хаайа охсобут. Ол курдук, итиннэ былааҕынан бултаан, үс бөрөнү ылбыппыт. Онтон үс үөрдээх бөрөнү биирдэ бултаан турабыт. Нам иһигэр
2021 с. диэри үс сыл иһигэр былааҕынан хаайан, эстибит диэххэ сөп. Биллэн турар, ороскуота үгүөрү, элбэх уматык наада, ол эрээри көдьүүстээх уонна кэлэктиибинэн сонордоһор ордук эбит диэн сыаналаатым, – диэн Петр Николаевич бэрт умсугутуулаахтык кэпсээтэ.
2022 с. 4 бөһүөлэк сиригэр-уотугар сылдьыбыт 6 үөрдээх бөрөнү барыларын хапкааннаан эспиттэр. Ити үөр эстэрин төрүөтүнэн ийэ бөрө аан маҥнай хапкааны үктээбитэ буолар. Аҕыйах хоноот атыырдарын ылбыттар. Уонна хаалбыт сорохторо ийэлээх аҕалара бултаммыт сирдэриттэн ырааппакка сылдьан, биир-биир бултаммыттар.
Өссө биир ньыматынан бөрө оҕолорун үөрэтэр кэмигэр – атырдьах-балаҕан ыйдарыгар монуогунан ыҥыран бултаабыта буолар. Убаһалары, сылгылары бэлиэтээбит сирдэригэр анаан манаталаан, итинник монуок көмөтүнэн күһүн 5 адьырҕаны сууһарбыт.
“Тоһуур быраҕарга үөрэниҥ”
Департамент бөрөһүттэр сэминээрдэрин тэрийэр буолбута көмөлөөх буолсу. Ол туоһутунан Егор Кузьмин диэн Амма улууһугар 41 саастаах эдэр бөрөһүт баар буолбутун холобурдуохха сөп. Кини Олом Күөл учаастагар “Наахара” диэн дьоһун ааттаах бааһынай хаһаайыстыбалаах. Сүөһү, сылгы иитэллэр. 100 тахса сыспай сиэллээҕи көрөллөр. Былырыын бөрөһүттэр сэминээрдэригэр сылдьыаҕыттан бу адьырҕаны бултааһынынан дьарыктанан эрэр. Кини хас да улуустан саҥа саҕалыыр, кырдьаҕас бөрөһүттэр түмсүбүт сэминээрдэригэр практическай чааһыгар сылдьан элбэххэ үөрэммитин кэпсиир. Онно хапкааны, туһаҕы хайдах иитэллэригэр үөрэммит. Хайдах хааман киирэргэ үөрэммит. Хапкааны сорохтор үөһэттэн, сорохтор алларааттан ууралларын көрбүт.
– Быйыл түөрт бөрөнү ыллым. Дьиҥэ, сылгыларбытын “дьээбэлээбитттэрэ “ ыраатта. Түөртүү-уоннуу, 14-түү төбөҕө тиийэ сиир этилэр. Кэллэхтэрин аайы 3-4-дү тардан бараллар. Урут аҕам бэйэтэ сылдьар буолан кыһаммат этим. Бу сэминээргэ Бүлүүттэн Анатолий Николаев диэн булчут кытынна. Былырыын бүлүүлэр 30 тахса бөрөнү былаах ньыматынан бултаан ылбыттар этэ. Николаев бөрөҕө тоһуур быраҕарга үөрэниҥ диэн сүбэлээтэ. Эрдэттэн кэлэр-барар сирдэригэр диир, – диир Егор Николаевич.
Эдэр бөрөһүт быйыл бултаммыт бөрө иһин төлөнөр харчы 30 тыһ. солк. буолбутун, Амма улууһа өссө көҕүлээн, бу үпкэ эбии бултаммыт биир бөрө иһин 20 тыһ. солк. эбии харчы төлүүр буолбутун үөрэ истибит. Онон 50 тыһ. солк. тиийдэ диэн астынар. Олом Күөлүттэн Болугур, Чыамайыкы, I Наахара нэһилиэктэрэ чугастар, онон бу нэһилиэктэр сирдэригэр-уоттарыгар сылдьар бөрөлөр Олом Күөлүгэр охсуллан ааһаллар. Киниэхэ урбаанньыт Игнат Егоров үс хапкааны атыылаһан көмөлөспүтүн иһин махтанар. Бөдөҥ кэпэрэтииптэр сылгыларын энчирэппэт туһугар булчуттарга эмиэ бириэмийэ олохтуур буолбуттарын холобурдаата.
Онон түмүккэ Егор Кузьмин Нам бөрөһүтэ Петр Кириллин курдук ааттаах булчут буолуо, Баай Байанайа тосхойуо диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Хаартыскалары П.Кириллин уонна Е.Кузьмин ыыттылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: