“Бэрэсидьиэн биир кэлим субсидиятын” үллэрии мунньаҕын Юрий Трутнев ыытта

Share

Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарынан тэриллибит Бырабыыталыстыба хамыыһыйата уонна Арктиканы сайыннарыы Судаарыстыбыннай хамыыһыйата холбоһуктаах мунньахтарыгар экэниэмикэ кииннэрин социальнай сайдыыларын (ол иһигэр, урутуу сайдар территориялар) былаана уларыйыытын ырыттылар. Мунньаҕы Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ  Юрий Трутнев салайан ыытта.

Уһук Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ киирэр 11 Арассыыйа субъектарыгар 2018-2023 сс. социальнай сайдыыга анаан 148 млрд.солк. бэриллибитэ. Ити үбүнэн 605 эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирэн турар, 994 эбийиэк өрөмүөннэммитэ, 500-тэн тахса уопсастыбыннай территория тупсарыллыбыта. 154 тыһ.кв.м. хаарбах дьиэттэн дьон көһөрүлүннэ. 75 тыһ.кв.м. куортамнанар дьиэ пуондата тутуллубута. “1000” тиэргэн бырайыак чэрчитинэн 1245 дьиэ таһынааҕы территория реконструкцияламмыта. Арктикаҕа “Бэрэсидьиэн биир кэлим субсидията” сыл эрэ анараа өттүгэр үлэҕэ киирбитэ. Онно үлэҕэ киирбит үп кээмэйэ арыый кыра — 2022-2023 сылларга Арктика сайдыытыгар 6,1 млрд.солк. анаммыта. 16 эбийиэк тутуллубута, 17 дьиэ өрөмүннэммитэ, 175 анал тэрил атыылаһыллыбыта. Бүгүн 2024 сылга “Бэрэсидьиэн биир кэлим субсидиятын” үллэриини ырытыахпыт”, — диэн кылгас дакылаатынан мунньаҕы Юрий Трутнев аспыта.

Саха сиригэр аныгы мастарыскыайдары, үс модульнай спортсаалалары оҥорууга (”Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр оскуолаларыгар 50 успуорт саала” бырагыраама) үп көрүлүннэ, Нерюнгрига доруобуйа харыстабылын биэс эбийиэгин аныгытыыга, Дьокуускайга 253 миэстэлээх оскуоланы тутууга үп көрүлүннэ. Саха сиригэр Судаарыстыбыннай хамыыһыйа президиума быһаарыытынан Эдьигээҥҥэ 2023 сылтан успуорт саалата тутуллар. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago