Саха сирин кытары сибээстээх, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөбүт көҕүлээһиннэрэ бары олохтоох нэһилиэнньэҕэ наадалаахтар уонна өрөспүүбүлүкэ олоҕун тупсараллар.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа эрэгийиэннэригэр Онкология үс киинин аһыллыытын сиэригэр-туомугар видео-сибээһинэн кыттыбыта. Олор ортолоругар Уһук Илиҥҥи улахан эбийиэгинэн буолбут Саха сиринээҕи Онкология киинэ баар. Онкология саҥа киинэ аһыллан, Саха сирин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ таһыгар барбакка эрэ, мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүн ылар кыахтаныахтара. Онуоха наадалаах аныгы тэриллэр бары бааллар, мэдиссиинэ каадырдарынан толору хааччылынна.
“Эһиги Саха сиригэр ситиспит көрдөрүүлэргит, олох уһунун (73,6 саас) дойду орто көрдөрүүтүттэн үрдэппиккит олус үчүгэй. Мин эһигини эҕэрдэлиибин”, — диэн Владимир Путин видео-сибээһинэн эҕэрдэлээн, мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын уонна табыгастаах буолуутун үрдэтэр соругу туруорбута.
Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара – саҥа балыыһалар, оскуолалар, култуура уонна успуорт эбийиэктэрэ баар буолалларыгар эрэллээх тирэх.
Дойду бэрэсидьиэнэ Саха сиригэр хайыы үйэ мэдиссиинэ иккис улахан эбийиэгэ аһылларыгар кытынна. Ол курдук, судаарыстыба баһылыга сэтинньи бүтүүтэ Таатта улууһугар аныгы поликлиника аһыллыытынан эҕэрдэлээбитэ. Билигин тыа сирин олохтоохторо мэдиссиинэ араас хайысхалаах көмөтүн “миэстэтигэр” туһанар кыахтаналлар.
Аҥаардас кэнники биэс сылга Саха сиригэр социальнай инфраструктура 274 эбийиэгэ – 50 оскуола, 32 уһуйаан уонна мэдиссиинэ 60-тан тахса саҥа тэрилтэтэ баар буолла. 2023 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар алта отделениелаах Кардиология аныгы киинэ аһыллыбыта. Киин бэрэсидьиэн биир кэлим субсидиятын көмөтүнэн баара-суоҕа 2,5 сыл иһигэр тутуллубута.
2024 сылга Саха сиригэр ыытыллар “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга бэлэмнэниинэн сибээстээн, эрэгийиэҥҥэ успуорт инфраструктуратын саҥардыыга болҕомто ууруллар. Оонньууларга 35 кэриҥэ дойдуттан дэлэгээссийэлэри күүтэллэр, 2800 спортсментан 1600-һэ – оҕолор. Күрэхтэһиилэр саҕаланалларыгар сабыылаах котуок уонна успуорт элбэх хайысхалаах саалата аһыллара күүтүллэр.
Владимир Путин Уһук Илин эрэгийиэннэрин сүҥкэн кыахтарын бэлиэтээн, ураты болҕомтотун уурар. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ дьоһун суолталаах эбийиэк – Өлүөнэ муостатын тутуу саҕаланыытын тус хонтуруолугар ылла. Үлэ кумааҕыга эрэ хаалбат. Хайыы үйэ тутуу ыытыллар былаһааккатыгар кутуу үлэтэ бара турар. Владимир Путин муостаны 2028 сылга тутарга сорудахтаата. Бэрэсидьиэн тус кыттыыта – өрөспүүбүлүкэҕэ уонунан сылларга күүтүллүбүт эбийиэк тутулларыгар мэктиэ.
Бу куораттар маастар-былааннарын Арассыыйа бэрэсидьиэнэ бигэргэппитэ. Өрөспүүбүлүкэ киин куората кэлэр алта сыл иһигэр уларытан тутулунна.
2023 сыллаахха Нерюнгри куораты саҥардыы маастар-былаана бигэргэтиллибитэ. Ону таһынан Нам аглоремациятын, Бүлүү, Ньурба куораттары, Сунтаар сэлиэнньэтин уонна Уус Куйга бөһүөлэгин салҕыы тутуу уонна тупсарыы стратегическай докумуоннара оҥоһуллубуттара.
Саха сирэ – оҕо төрөөһүнүгэр Уһук Илиҥҥэ бастакы, Арассыыйа 7-с миэстэҕэ сылдьар. Дьокуускай куорат — Сибиир уонна Уһук Илин ордук тэтимнээхтик сайдар куората. Ил Дархан Айсен Николаев эппитинэн, дьон Саха сириттэн атын эрэгийиэннэргэ күргүөмүнэн көһөрө тохтоото. Ону Саха сиригэр олохтоох уонна федеральнай былаастар ыыппыт сөптөөх социальнай бэлиитикэлэрин түмүгүнэн ааттыахха сөп. Саха сиригэр дьиэ кэргэни, ол иһигэр элбэх оҕолоохтору, өйүүргэ элбэх үлэ ыытыллар.
Хаарбах дьиэттэн көһөрүү кыһалҕатын быһаарыы бүтэһиктээх былаанын оҥорорго Владимир Путин өрөспүүбүлүкэ былааһа Арассыыйа Тутууга министиэристибэтин кытары оҥоророругар сорудахтаабыта. Саха сиригэр саахалланар кутталлаах мас дьиэлэри толору суох оҥорорго өссө 1178 элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутуохха наада. Билигин 17-с кыбартаалга “Спортивнай” микрооройуону тупсарыы уонна куорат саҥа доҕус оройуоннарыгар тутуу бара турар. Бу инникитин 219 саахалланар кутталлаах уонна хаарбах дьиэ олохтоохторун көһөрөргө көмөлөһүөҕэ.
Саха сиригэр Уһук Илиҥҥэ бастакы “Үлэ кыбартаала” креативнай кластер тэриллэн туһалаахтык үлэлиир. Кластер сүрүн хайысхаларыттан биирдэстэрэ — кинематография эйгэтигэр олохтоох бырайыактары Арассыыйа ырыынагар таһаарыы. Онуоха, 2026 сылга Дьокуускайга киинэ комплекса үлэлиэхтээх, манна уус-уран уонна тэлэбидиэнньэ киинэлэрин устуохтара. Бу олохтоох кинематографистар 2030 сылга диэри икки төгүл элбэх киинэни усталларыгар бигэ тирэҕинэн буолуоҕа.
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…