Бэрэсидьиэн Өлүөнэ күргэтин тутууну тус хонтуруолугар ылла

Бэрэсидьиэн Өлүөнэ күргэтин тутууну тус хонтуруолугар ылла

Ааптар:
06.02.2024, 14:35
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн  Владимир Путин Өлүөнэни туоратар муостаны 2028 сылга тутан бүтэрэргэ сорудахтаата.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ өрөспүүбүлүкэҕэ тыын суолталаах инфраструктура эбийиэгин – Өлүөнэ муостатын тутууну саҕалааһыны тус хонтуруолугар ылла. Бу түгэни кэтэспиттэрэ ыраатта уонна билигин тутуу барар былаһааккатын бэлэмнииллэр, тиэхиньикэ үлэлиир.

Судаарыстыба баһылыга тохсунньу 17 күнүгэр дойду бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин кытта ыыппыт мунньаҕа Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэри сайыннарыыга туһуламмыта. Владимир Путин Уһук Илин сүҥкэн кыаҕын бэлиэтээн, бу сиргэ-уокка ураты болҕомтотун уурар, маны олоххо киллэрэн эрэгийиэн Арассыыйа бүттүүнүн сайыннарар кыахтаах.

“Дьокуускай муостатынан бары быһаарыныыны ылынныбыт, харчы биэс сылга көрүлүннэ”, — диэн судаарыстыба баһылыгар вице-премьер Марат Хуснуллин отчуоттаата.

Кини этэринэн, күргэ сыаната чопчуланан, эрэгийиэн, Үп министиэристибэтин уонна концессионер икки ардыларыгар тыырыллыаҕа. Бастаан эбийиэк сыаната 220 миллиард солкуобайынан быһыллыбыта, билигин хат ааҕылынна уонна биэс сылга 130 миллиард солкуобайга тэҥнэһиэҕэ,

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: