Салгыы
Бэрэсидьиэн креативнай кластерга тугу көрдө?

Бэрэсидьиэн креативнай кластерга тугу көрдө?

18.06.2024, 17:27
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 18 күнүгэр Бэрэсидьиэн Владимир Путин Дьокуускайга кэлэн, «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга сырытта. Манна кини креативнай уонна ИТ салааларга ситиһиилэри, анал байыаннай дьайыыга туһанылла сылдьар бырамыысыланнай бородууксуйаны  кэпсиир экспозицияны көрдө-иһиттэ диэн РИА-Новости суруйар.

Хаартыска: СИА.

Экспозицияҕа Саха сирин инновационнай экосистиэмэтин сайдыытын көрдөрдүлэр. Холобур, оҥоһуу өй эйгэтигэр мэдиссиинискэй бырайыактаах «Сайберия» тэрилтэ,  авиационнай двигателлэр туруктарын кэтээн көрөр «Хорус», «Тундра» анимационнай устуудьуйа видеонан оонньууга индустрията, элбэх дьайыыны оҥорор киинэ павильонун тутуу, о.д.а. баар. Бу туһунан Кириэмил пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Экспозиция өссө биир салаата Дьокуускайдааҕы агломерация маастар-былааныгар ананар. Былааҥҥа 33 тэрээһин (90 эбийиэк) баар, онуоха 449 миллиард солкуобай ирдэнэр. Мастар-былаан быһыытынан үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин кампустара (үөрэнэр-лабораторнай куопустар), социальнай эбийиэктэр, спортивнай-култуурунай тутуулар, 3,5 тыһыынча миэстэлээх олорор комплекстар тутуллуохтаахтар.

Маны тэҥэ, Бэрэсидьиэн «Патриотическая» ТОР үлэтин түмүгүн кытта билсиэҕэ. Бу ТОР байыаннай дьайыыга аналлаах оҥоһуктары оҥорору көҕүлүүр сыаллаах тэриллибитэ.

«2023 сылга Уһук Илин эрэгийиэннэригэр федеральнай бүддьүөттэн 1,8 миллиард солкуобай бэриллибитэ. Былырыын пилота суох көтөр тэриллэри — 3774 устууканы, кыҥыыр тэрили — 448 устууканы, вездеходы — 84 устууканы, бронежилеттары — 408 устууканы, пилота суох көтөр тэриллэри булар, хам баттыыр аппарааттары  — 400 устууканы, мобильнай ууну ыраастыыр модуллары  — 27 устууканы, хааны тохтотор турникеты — 12 000 устууканы оҥорон фронҥа ыыппыттара. Маны тэҥэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар 1000 устуука кэлээскэ-кириэһилэни ыыппыттара» диэн Кириэмил пресс-сулууспатын ыспыраапкатыгар суруллар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: