Бэрэсидьиэн Курскай уобаластан киирбит ыйытыыга хоруйдаата
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн үгэскэ кубулуйбут пресс-кэмипириэнсийэтин кытта сыл түмүгүн таһаарар. Киирбит ыйытыылар баһыйар улахан аҥаардара анал байыаннай дьайыыга сыһыаннаахтар диэн этэллэр.
Курскай уобаласка быстах кэмнээх пууҥҥа олорор Татьяна Зиброва төлөпүөнүнэн анал байыаннай дьайыыга сыһыаннаах үс ыйытыыны биэрдэ. Курскай уобалаһы хаһан босхолуохтарай, биһигиттэн тэйиэхтэрэй, дьиэбитигэр хаһан төннүөхпүтүй? Урусхалламмыт кыра сэлиэнньэлэри чөлүгэр түһэриэхтэрэ дуо? Дьиэҕэ ыларга бэриллэр сэртипикээккэ биһиги хапсыахпыт дуо?
“Татьяна Николаевна, туох даҕаны саарбахтааһын суох. Чопчу даатаны этэр кыаллыбат. Байыастарбыт бу билигин кыргыһыыга сылдьаллар. Биһиги чахчы кинилэри кыайыахпыт, онтон атыннык буолар да кыаҕа суох. Ол эрээри, чопчу даатаны этэр кыаллыбат. А. Чопчу кыайыахпыт. Б. Ол кэнниттэн хоромньуну ааҕар кыаллыа. В. Барыта чөлүгэр түһэриллиэҕэ, олох саарбахтаамаҥ. Суолу-ииһи, хомунаалынай инфраструктураны, социальнай эбийэктэри – оскуолалары, уһуйааннары, кулууптары, биллэн турар, олорор дьиэлэри, дьиэни чөлүгэр түһэриигэ сэртипикээттэр бэриллиэхтэрэ. Атын эрэгийиэҥҥэ көһүөн баҕарааччыларга көмөлөһүөхпүт, сэртипикээт биэриэхпит. Билигин бу сыалга анаан 108 млрд. солк. көрүллэн турар. Бастакы төлөбүр номнуо барбыта. Дьаһалта бырааһынньык күннэригэр эмиэ үлэлиэҕэ, дьону кытта көрсүөҕэ” – диэн хоруйдаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: