Бэрэсидьиэн Курскай уобаластан киирбит ыйытыыга хоруйдаата

Share

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн үгэскэ кубулуйбут пресс-кэмипириэнсийэтин кытта сыл түмүгүн таһаарар. Киирбит ыйытыылар баһыйар улахан аҥаардара анал байыаннай дьайыыга сыһыаннаахтар диэн этэллэр.

Курскай уобаласка быстах кэмнээх пууҥҥа олорор Татьяна Зиброва төлөпүөнүнэн анал байыаннай дьайыыга сыһыаннаах үс ыйытыыны биэрдэ. Курскай уобалаһы хаһан босхолуохтарай, биһигиттэн тэйиэхтэрэй, дьиэбитигэр хаһан төннүөхпүтүй? Урусхалламмыт кыра сэлиэнньэлэри чөлүгэр түһэриэхтэрэ дуо? Дьиэҕэ ыларга бэриллэр сэртипикээккэ биһиги хапсыахпыт дуо?

“Татьяна Николаевна, туох даҕаны саарбахтааһын суох. Чопчу даатаны этэр кыаллыбат. Байыастарбыт бу билигин кыргыһыыга сылдьаллар. Биһиги чахчы кинилэри кыайыахпыт, онтон атыннык буолар да кыаҕа суох. Ол эрээри, чопчу даатаны этэр кыаллыбат. А. Чопчу кыайыахпыт. Б. Ол кэнниттэн хоромньуну ааҕар кыаллыа. В. Барыта чөлүгэр түһэриллиэҕэ, олох саарбахтаамаҥ. Суолу-ииһи, хомунаалынай инфраструктураны, социальнай эбийэктэри – оскуолалары, уһуйааннары, кулууптары, биллэн турар, олорор дьиэлэри, дьиэни чөлүгэр түһэриигэ сэртипикээттэр бэриллиэхтэрэ. Атын эрэгийиэҥҥэ көһүөн баҕарааччыларга көмөлөһүөхпүт, сэртипикээт биэриэхпит. Билигин бу сыалга анаан 108  млрд. солк. көрүллэн турар. Бастакы төлөбүр номнуо барбыта. Дьаһалта бырааһынньык күннэригэр эмиэ үлэлиэҕэ, дьону кытта көрсүөҕэ” – диэн хоруйдаата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
3
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Арассыыйатааҕы спецназ университета дойду оборуонатыгар улахан суолталаах

Владимир Путин Арассыыйатааҕы спецназ университетын үлэтин пресс-кэмпириэнсийэтин кэмигэр үрдүктүк сыаналаата. "Арассыыйа оборуонатыгар Арассыыйатааҕы спецназ университета…

11 минут ago
  • Сонуннар

Владимир Путин Уһук Илиҥҥи уонна Арктика ипотеката оннунан хааларын эттэ

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиир кэмигэр билиҥҥитэ Арктика эрэгийиэннэригэр куораттары биирдиилээн сайыннарыы бырагыраамата үлэлиирин,…

39 минут ago
  • Сонуннар

Василий Миронов: «Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар «Дьоруойдар кэмнэрэ» бырагырааманан үлэлиэхпит»

СӨ Аҕа баһылыгын иһинэн үлэлиир инновационнай менеджмент Үрдүкү оскуолатын ректора Василий Миронов дойду Аҕа баһылыгын…

41 минута ago
  • Сонуннар

Владимир Путин: «Төрөөһүн көрдөрүүтүн көннөрүөхпүтүн наада!»

Бэрэсидьиэн Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэ быһа эпииригэр демография боппуруоһун тумнубата. Арассыыйаҕа икки төгүл төрөөһүн улаханнык түһэ…

57 минут ago
  • Сонуннар

Арктикаҕа бииргэ үлэлээтэххэ эрэ түмүктээх дьыала ситиһиллиэ

Константин Роббек, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарыгар боломуочунай: -- Ил Дархан туһаайан этиитин…

1 час ago
  • Сонуннар

Бэрэсидьиэнтэн биэс оҕолоох ийэ ыйытар

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиирин кэмигэр Сургуттан биэс оҕолоох ийэ, биир оҕото инбэлиитин, былырыын…

1 час ago