Бэрэсидьиэн оптуобустара: улуустарынан уопсастыбаннай тырааныспар саҥардылынна
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэринэн 29 оптуобус күлүүстэрин туттарда.
Тиэхиньикэлэри атыылаһыы дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан тырааныспар инфраструктуратын тупсарыыга анал казначейскай кирэдьиитин быһыытынан оҥоһулунна. Бу үбүнэн-харчынан дойду 73 эрэгийиэнин муниципальнай пааркаларын саҥардыыта ситиһилиннэ.
Саха сиригэр саҥа тырааныспардары 8 муниципальнай тэриллии ылла. Оптуобустар бүгүн Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Кэбээйи улуустарынан, ону тэҥэ киин куорат тырааныспарын састаабын эбэн, муниципальнай маршруттарга тахсыахтара. Ол иһигэр саҥа оптуобустар — ПАЗ-тар, Газел-лэр уонна КАВЗ-тар.
«Бүгүн биһиги, бастатан туран, дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин быһаарыытынан бэриллибит анал казначейскай кирэдьиит үбүнэн-харчытынан оптуобустары ыллыбыт. Бу өрөспүүбүлүкэ муниципалитеттарыгар улахан суолталаах бэлиэ түгэн. Оптуобустар биһиги ирдэбиллэрбитигэр уонна килиимэт усулуобуйаларыгар анаан оҥоһуллубуттара. Саха сирин араас муннуктарыгар — Халыматтан Нерюнгрига диэри ыыталыахпыт. Биллэн турар, бу дьон-сэргэ таһыытын хаачыстыбатын үрдэтиэҕэ, ол аата хас биирдии киһи олоҕун хаачыстыбатын тупсыарыаҕа», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Өлүөхүмэ оройуона, холобур, 5 оптуобуһу ылла. Онно манна оптуобус пааркаларын саҥардыыта кэнники сылларга аан маҥнайгытын тэрилиннэ.
«Өлүөхүмэ улууһугар пассажирдары таһыы боппуруостара ордук сытыытык тураллар. Бэйэтин кэмигэр, төһө да ыарахаттар баалларын үрдүнэн, оройуон киинин иһинэн оптуобус маршруттарын үлэлэтэн кэллибит. Ол эрээри, оптуобус паарката балачча эргэрдэ. Итинэн сибээстээн, бүгүҥҥү түгэн биһиэхэ, омуннааһына суох, историческай суолталаах. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көмөтүнэн, олоххо киллэриллибит улахан бырайыагынан 5 оптуобус, ол иһигэр 3 улахан уонна 2 кыра оптуобустары ыллыбыт. Оптуобустар Өлүөхүмэ куорат уонна нэһилиэктэр икки ардыларыгар айанныахтара», — диэн улуус баһылыга Николай Харбин кэпсээтэ.
Оттон Горнайга 4 оптуобус ыытыллыаҕа. Бу оптуобустар оройуон киинигэр уонна Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин уонна нэһилиэктэр икки ардыларыгар маршруттарга туруохтара.
«Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ 90-с сылларга оптуобустар сылдьыбыттара даҕаны, кэлин сырыылара тохтообута. 2020 сыллаахха Бэрдьигэстээххэ уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин сөргүтүллүбүтэ. Дьон олус астыммыттара. Билигин биир эрэ оптуобустаах этибит, ордук кыһын тымныыга ирдэбиллээх буолбута. Бэрэсидьиэн көмөтүнэн оройуон киинигэр оптуобустар билигин үгүстүк сылдьыахтара. Ону сэргэ киин нэһилиэктэргэ диэри саҥа маршруттары киллэрэри былаанныыбыт», — диэн Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев былаанын үллэһиннэ.
Сотору кэминэн Саха сиригэр эмиэ 24 саҥа оптуобус аҕалыллыаҕа. Уопсайа 400 мөл. солк. суумаҕа анал казначейскай кирэдьиитинэн 53 оптуобус 17 муниципальнай тэриллиилэргэ атыылаһыллыаҕа. Үөһэ этиллибит муниципалитеттары таһынан тырааныспар паарката Алдан, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мэҥэ- Хаҥалас, Миаринэй, Хаҥалас, Орто Халыма, Ленскэй, Аллараа Халыма, Нам улуустарынан толоруллуоҕа.
Ону таһынан 50 оптуобус Дьокуускай куоракка атыылаһыллыбыта. Чэпчэтиилээх лизинг чэрчитинэн эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн 150 мөл. солк. субсидия көрүллүбүтэ. Чуолаан, улахан кылаас 25-с оптуобустар «ЯПАК» тэрилтэҕэ бэриллиэхтэрэ, атыттар «Союз Авто» чааһынай тэрилтэҕэ ананыахтара.
Санатан эттэххэ, 2022 сыл үбүлүөйдээх тэрээһинигэр Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, дойду Бырамыысыланнай атыы-эргиэн министиэристибэтин өйөөһүнүнэн «САССР 100 сылыгар – 100 оптуобус » диэн бырайыак олоххо киллэриллибитэ, ол түмүгэр киин куоракка оптуобус пааркатын түөрт гыммыт биирин кэриҥэ саҥардыллыбыта. Гаас оттукка үлэлиир саҥа оптуобустар Саха сирин киин куоратыгар уонна муниципальнай маршруттарынан үлэлииллэр.
Паарканы саҥардыы уонча сыл кэнниттэн муниципальнай оптуобустар икки ардыларынааҕы таһаҕаһы тиэйиини сөргүтэргэ кыах биэрэр. 2022 сыллаахтан уопсастыбаннай тырааныспардар Горнай, Нам, Хаҥалас улуустарынан, оттон 2023 сылтан Чурапчы улууһугар сылдьаллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: