Бэрэсидьиэн оскуолалаларын ситимэ тэриллибитэ 27 сыл буолла

Share

Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимэ тэриллибит күнүн иитинэн, улуустарынан араас тэрээһиннэр саҕаланнылар. Биир бэлиэ түгэнинэн С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаевка аналлаах “Үөрэх – уопсастыба үрдүкү сыаннаһа” истиэндэ аһыллыыта буолла.

Хаартыска: Николаев-киин.

“Бу барыбытыгар бэлиэ түгэн. Маннык истиэндэлэр бэрэсидьиэн ситимин атын оскуолаларыгар эмиэ аһыллаллара үөрүүлээх. Истиэндэлэр бастакы бэрэсидьиэн туһунан үтүө өйдөбүлү көрдөрөллөр, үөрэх лиидэрдэринэн буолууну – оскуолалар тэриллиилэрин аналын санаталлар”, — диэн Чурапчы гимназиятын дириэктэрэ Юрий Слепцов бэлиэтиир.

Санатан аастахха, 1997 сыл кулун тутар 3 күнүгэр Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимин тэрийии туһунан СӨ бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Ыйааҕа тахсыбыта. Бэрэсидьиэн оскуолалара үөрэх саҥа систиэмэтин “Үүнүү туочукатынан”, үөрэх саҥа технологиятын киининэн – авторскай моделынан буолалларыгар сорук туруоруллубута. Михаил Николаев Ситим бэпэчиитэллэр сэбиэттэрин тус бэйэтинэн салайбыта, өрөспүүбүлүкэ оскуолаҕа систиэмэтигэр инновационнай үөрэх кииннэрин тэрийии киэҥ далааһыннаах үлэтэ ол курдук саҕаламмыта.

Оччолорго өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин миниистирэ Евгения Михайлова салайааччылаах, Арассыыйаҕа интеллектуальнай айдарыылаах оҕолору сайыннарарга үрдүк таһымнаах гимназиялар уонна лиссиэйдэр тэриллэн саҕалаабыттара. Саҥа оскуолалары сайыннарыынан эрэ буолбакка, улуустарга миэстэтигэр үөрэх “локомативынан” буолалларыгар сорук туруоруллубута. Оскуолалар уратыларынан тыа сирдэрин усулуобуйатыгар тиэхэньиичэскэй уонна естественнэй-научнай үөрэтии хайысхатын олоххо киллэрии этэ. Талааннаах дириэктэрдэр салайыыларынан эдэр кэлэктииптэри түмпүттэрэ. Улахан ситиһиинэн дойду уонна тас дойдулар инники күөҥҥэ сылдьар оскуолаларын уонна үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлэһии олуга ууруллубута, Саха сирин устуоруйатыгар аан бастакытын Арассыыйа үрдүк үөрэхтэрин тэрилтэлэрин биллэр-көстөр учуонайдара, бэрэпиэссэрдэрэ эрэгийиэҥҥэ үлэлии, оҕолорго сүбэлии-амалыы кэлбиттэрэ, ол иһигэр Саха сирин тыатын оскуолаларыгар.

Бэрэсидьиэн оскуолалара 27 сыл устата ааптарыскай көрүүнү, эспэримиэнниир бырагыраамалары киллэрэн улахан ситиһиилэннилэр. Оскуолалар инновационнай лиссиэйдэргэ уонна үрдүк таһымнаах гимназияларга тиийэ үүннүлэр. Интеллектуальнай элитаны, өрөспүүбүлүкэ тиэхэньиичэскэй каадырын иитэр уонна үөрэтэр аналлаахтар. Улахан аҥардарыгар саҥа оскуолалар, интэринээттэр тутуллубуттара, “Арассыыйаҕа сыл оскуолата”, “Арассыыйаҕа үйэ оскуолата” үрдүк ааты-суолу ылбыттара.

Николаев-киин.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр нацбырайыактарынан 170 эбийиэк тутуллубут

Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…

5 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…

20 минут ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…

50 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Вячеслав Соркомов: «Дьоруой туһунан этэр өссө да эрдэ»

Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Эдьигээҥҥэ аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ кэккэ соруктары туруорда

Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…

2 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тохсунньу 6 күнүнээҕи гороскоп

Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…

2 часа ago