Бэрэсидьиэн субсидиятынан Алдан гимназиятыгар успуорт саалата тутулунна

Share

Алдан гимназиятын успуорка саалата тутуллан бүттэ. Тохсунньу саҥатыгар тутуу 100 бырыһыан бэлэм буолла.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Сааланы бэрэсидьиэн Уһук Илиҥҥи субсидиятын иитинэн туттулар уонна хааччыйдылар.

Куорат үөрэххэ управлениетыгар иһитиннэрбиттэринэн, номнуо бу үөрэх дьылыгар 500-тэн тахса оҕо табыгастаах уонна аныгы услуобуйаҕа эти-хааны эрчийиинэн дьарыктаныаҕа. Эбийиэк уопсай иэнэ 770 кв. м. тахса. Сааланы успуорт араас көрүҥүнэн дьарыктанарга анаан бары ирдэнэр тэрилинэн хааччыйбыттар. Тэриллэри уруокка уонна успуорт араас көрүҥэр уруогу таһынан дьарыкка туһаныахтара. Эбийиэк аттыгар ыраас салгыҥҥа эрчиллэргэ анаан аһаҕас успуорт былаһааккатын оҥорбуттар.

Уһук Илин уокурукка бэрэсидьиэн единэй субсидиятын иитинэн номнуо 1,6 тыһ. эбийиэги туппуттар уонна өрөмүөннээбиттэр, ол иһигэр 67 балыыһа, 153 оскуола, 30 уһуйаан, 43 култуура уонна сынньалаҥ эбийиэгэ, 63 успуорт эбийиэгэ киирэллэр. Социальнай эбийиэктэргэ анаан саҥа тэриллэри атыылаһаллар.

Бэрэсидьиэн субсидиятынан Дьокуускайга маныаха ханыылыы успуорт икки комплекса тутуллуоҕа. Ил Дархан ыйааҕынан 2030 сылга диэри Алдан оройуонугар 13 эбийиэктэн итэҕэһэ суох үөрэх уонна 11 култуура-сынньалаҥ тэрилтэтин тутар, өрөмүөннүүр былааннаахтар.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
2
+1
2
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago