Бэрэсидьиэн үрдүк үөрэҕи уларытыыга пилотнай бырайыак туһунан ыйаахха илии баттаата

Бэрэсидьиэн үрдүк үөрэҕи уларытыыга пилотнай бырайыак туһунан ыйаахха илии баттаата

13.05.2023, 09:17
Хаартыска: pxhere.com/ru/photo
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Болонскай систиэмэттэн тахсар, саҥа национальнай тиһик киирэр үһү диэн былырыыҥҥыттан элбэхтик истэн кэллибит. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үрдүк үөрэх систиэмэтигэр пилотнай бырайыак туһунан ыйаахха илии баттаата.  

Тустаах ыйаахха олоҕуран, 2023 сылтан Арассыыйаҕа идэ биэрэр үөрэх таһымыгар уларыйыылар киирэллэр. Маҥнай боруобалаан көрүү (пилотнай бырайыак) быһыытынан дойду алта үрдүк үөрэҕин тэрилтэтэ үс сүһүөхтээх систиэмэҕэ (трехступенчатая система) көһөр. Манна Москватааҕы авиационнай институт, МИСиС Билим уонна технология университета, Москватааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университет, Санкт-Петербурдааҕы хайаны байытар университет, Иммануил Кант аатынан Балтийскай федеральнай университет, Томскайдааҕы национальнай чинчийэр судаарыстыбаннай университет киирсэллэр диэн суруйаллар. Саҥа систиэмэнэн кэлэр 2023-2024 сылтан устудьуоннары номнуо үөрэххэ ылыахтара. Ол эрээри, урукку систиэмэ эмиэ баар буолуоҕа диэн эрэннэрэллэр. Ол эбэтэр биир сыл иһигэр олоччу көһөн хаалбакка, бастаан алта университекка бүгүҥҥү күҥҥэ диэри үлэлээн кэлбит систиэмэни кытта сэргэ үлэлиэҕэ. Манна даҕатан эттэххэ, дойду Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальков эрдэ быһаарбытынан, саҥа национальнай систиэмэҕэ көһүү сыыйа барыаҕа.

Пилотнай бырайыак үс сүһүөхтээх буолуоҕа: базовай үрдүк үөрэх (4-6 сыл), специализированнай (1-3 сыл), аспирантура.

Магистратура, ординатура уонна ассистентура специализированнай үрдүк үөрэх сүһүөҕэр киирсиэхтэрэ диэн бэлиэтииллэр. Үрдүк үөрэххэ специалитет бырагырааматын бүтэрбиттэр салгыы сүһүөх быһыытынан магистратураҕа киириэхтэрин сөп диэн суруйаллар. Бу иккис үрдүк үөрэх быһыытынан ааҕыллыа суоҕа диэн ыйаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: