Салгыы
Бэрэсидьиэҥҥэ ыйытыыны хайдах биэриэххэ?

Бэрэсидьиэҥҥэ ыйытыыны хайдах биэриэххэ?

19.12.2024, 17:45
Хаартыска: социальнай ситимтэн.
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 19 күнүгэр Москва бириэмэтинэн күнүс 12 чааска (Дьокуускай бириэмэтинэн киэһэ 18 чааска) бэрэсидьиэн Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтэ ыытыллыаҕа. Манна суруналыыстар эрэ буолбакка, Арассыыйа ханнык баҕарар  олохтооҕо ыйытыы биэриэн сөп. Дьэ, хайдах биэриэххэ сөбүй? 

Быһа эпиири “Россия 1”, “Первый канал”, “НТВ”, “Россия 24” ханааллар, ону таһынан “Маяк”, “Вести ФМ”, “Радио России радиолар көрдөрүөхтэрэ, иһитиннэриэхтэрэ.

Бэйэҕит ыйытыыларгытын бырагыраама бүтүөр диэри 8-800-200-40-40 төлөпүөнүнэн эрийэн, эбэтэр, 0-40-40 кылгас иһитиннэрии ыытан биэриэххитин сөп. Ону сэргэ “Москва-Путину.рф”, “Москва-Путину.ру” сайтка, “Одноклассники”, “ВКонтакте” социальнай ситимнэргэ эбэтэр сиэп төлөпүөнүгэр анал сыһыарыы хачайдаан боппуруостаргытын суруйуоххутун сөп.
Мин «ВКонтакте» социальнай ситимҥэ «Итоги года с Владимиром Путиным» диэн бөлөҕү булан баран, «Задать вопрос» диэн кунуопканы баттаатым. Манна чатка бот эппиэттиир, ыйан-кэрдэн биэрэр. Толору ааккын, ханна олороргун, электроннай буостаҕын, эбэтэр, төлөпүөҥҥүн суруйаҕын. Ыйытыыгар хоруй бу буостаҕар, эбэтэр, төлөпүөҥҥэр кэлэр (ханныгы талбыккынан).

Бу «Итоги года с Владимиром Путиным» биэрии эрэдээксийэтигэр ахсынньы 19 күнүгэр күнүс 3 чаастааҕы туругунан, 2 мөлүйүөнтэн тахса ыйытыы киирбит. Оператордар 1,1 мөлүйүөнтэн тахса төлөпүөнүнэн ыйытыыны ылбыттар, 398,3 тыһыынча СМС уонна 78,9 тыһыынча ММС иһитиннэрии киирбит. Бырагыраама саайтын нөҥүө 132 тыһыынчаттан тахса, социальнай ситимнэринэн 232,8 тыһыынча, анал сыһыарыынан 53 тыһыынча ыйытыы киирбит.

Пресс-кэмпириэнсийэ буолара 1 чаастан кыра кэм хаалла. Бу кэмҥэ уонна биэрии устата өссө элбэх ыйытыы киириэҕэ. Эйигин, эн дьоҥҥун, дойдугун долгутар ыйытыыгын бэрэсидьиэҥҥэ биэр!

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: