Бэрэсидьиэнтэн биэс оҕолоох ийэ ыйытар
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиирин кэмигэр Сургуттан биэс оҕолоох ийэ, биир оҕото инбэлиитин, былырыын от ыйыттан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдүк диэн оҕотугар төлөбүргэ аккаас кэлэ турарын, сөмөлүөт сыаната олус ыараханын туһунан ыйытта.
Тустаах ыйытыыга: “Төлөбүрү көрүүгэ бары дохуот ааҕыллар. Атын төрүөтүнэн эмиэ эһиги этэр кыһалҕаҕыт күөрэйиэн сөп, биир кэлим босуобуйа иитинэн көрүллэр харчы төлөнүүтүгэр кыра үрдээһин да баар буоллаҕына. Эһиги дьиэ кэргэҥҥит көрсүбүт түгэнин курдуктары быһаарар туһугар уһуннук толкуйдаатыбыт”, — диэн иһитиннэрдэ. Итиэннэ баар түгэни учуоттаан нолуокка (НДФЛ) хаттаан төлөбүр (перерасчет) оҥоһуллуохтааҕын ыйда. Мантан кыччаабыта 7 бырыһыанын төнүннэриллиэхтээх, хайдах үлэлиирин көрүөхпүт диэн эттэ.
Иккиһинэн, дьиэ кэргэн сөмөлүөтүнэн көтүүтүгэр сыһыаннаах ыйытыыга хоруйдаата. “Элбэх оҕолоох ыалга тарыыптан 50 % чэпчэтии көрүллүөхтээх. Хампаанньалар тугу гыналлар? Кинилэр бэйэлэрин чэпчэтиилэрин киллэрэллэр, кыраны, улаханнык биллибэти итиэннэ бу чэпчэтиилээх тарыып, онон 50% чэпчэтиини оҥорбоппут дииллэр. Бу быраактыка тохтуон наада. Эйигин кытта олоччу сөбүлэһэбин итиэннэ Бырабыыталыстыба авиационнай хампаанньалары кытта бу кыһалҕаны кэлэр сыл тохсунньу 14 күнүн хойутаппакка көннөрөргүтүгэр көрдөһөбүн. Бу кыһалҕаны быһаарыахпыт”, — диэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: