Березовкаҕа алта дьиэ үлэҕэ киирээри турар
11.11.2022, 18:30
Бөлөххө киир:
Орто Халыма оройуонугар Березовкаҕа дьон-сэргэ олорор алта дьиэтин үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.
Онон сэтинньи бүтүүтүгэр алта дьиэнэн малааһын буолаары турар. Бүгүҥҥү күн туругунан тутуу 99 % бэлэм. Бу дьиэлэр Березовка сэлиэнньэтин халаан уутугар барбат сиригэр-уотугар көһөрүү бырагырааматынан тутулуннулар.
Көһөрүү былааныгар уопсайа 38 олорор дьиэ киирэр. Билиҥҥи кэмҥэ 20 дьиэ бэлэм. Ол иһигэр биирдии хостоох — 7, иккилии хостоох эмиэ — 7, уонна үстүү хостоох — 6. Бу 38 дьиэни тутуу суумата быһа барыллаан 542 мөл 811 тыһ.солк. тэҥ.
Санатан эттэххэ, Березовка сэлиэнньэтэ 2002 сылтан сыл ахсын сааскы халааҥҥа бырар. СӨ Бырабыыталыстыбата сэлиэнньэни уу ылбат үрдүк сиригэр-уотугар көһөрүү былаанын оҥорбута.
Ууга барбат сиргэ көһөрүү былаанын быһыытынан, 2018-2022 сылларга массыына суоллара, уу ситимэ, хочуолунай, дизельнэй уот ыстаансыйата, уот ситимэ, оҕо саада, биэссэр-акушер пууна, ону сэргэ 38 олорор дьиэ тутуллуохтаахтар.
Хаартыскалар СӨ Тутууга министиэристибэтиттэн
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: