«Берлиҥҥэ тиийэр суол» аахсыйаҕа кыттыстылар

Share

Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин «Түмэн» аҕам саастаах көлүөнэ  киинин актыбыыстара «Берлиҥҥэ тиийэр суол»  аахсыйаҕа кыттыстылар.

Хаартыска: Социальнай пуонда.

Бэрдьигэстээхтэн Берлиҥҥэ диэри суол уһуна — 10 238 килэмиэтир. Биһиги эһэлэрбит бу бачча уһуннаах эр санааланыы суолунан айаннаан, кырыктаах кыргыһыыларга сэриилэһэ-сэриилэһэ, Берлиҥҥэ тиийэн, Кыайыы өрөгөйүн билэн, аан дойдуну фашизмтан быыһаатахтара.

«Түмэн» актыбыыстара эмиэ бачча уһуннаах суолунан хаамар былааннаахтар. Кинилэр хас күн аайы хаампыт хаамыыларын ааҕан баран («шагомер» көмөтүнэн), «Эрчим» хаалыктаах хаамыы кулуубун бөлөҕөр суруйан иһэллэр. Түмүгэр, барытын ааҕан-суоттаан, Кыайыы күнүгэр диэри уопсайа 10 238 килэмиэтиргэ тиэрдэр былааннаахтар. Бу туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.

Хаартыска: Социальнай пуонда.

Биһиги бу бырайыакка кыттарбытынан киэн туттабыт. Аҕа дойду сэритиигэр Горнай улууһуттан 886 киһи ыҥырыллан барбыта. Кинилэр ортолоругар мин аймахтарым бааллара, сорохторо эргиллибэтэхтэрэ. Кинилэр дьоруойдуу быһыыларыгар сүгүрүйэн, киэн туттан, кэриэстээн, бу Албан аат суолунан күннэтэ хаамыахпыт, — диэн киин актыбыыската Людмила Чемезова кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Бүгүҥҥүттэн үөрэх эйгэтигэр анал бириэмийэлэргэ күрэс саҕаланна

“РНГ” АУо үбүгэр үөрэх эйгэтигэр педагогтар ортолоругар сыллата ыытыллар анал бириэмийэлэргэ  күрэс саҕаланна. Күрэһи “СӨ…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

1100-тэн тахса устудьуон үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылар

1182  үрдэтиллибит истипиэндьийэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар олохтоммут. Бу туһунан СӨ үөрэх миниистирин солбуйааччы Степан…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Балыктаахха эдэр учууталлар уонна настаабынньыктар өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээрдэрэ буолла

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах орто оскуолатыгар «Настаабынньык эдэр педагогтардыын айымньылаах үлэтин тиһигэ» диэн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Мобильнай хирурдар Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиэхтэрэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа - мэдиссиинэ суһал көмөтүн оҥорор киин Үөһээ Бүлүүгэ улуус киин балыыһатыгар…

6 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьааҥыга патриоттар пуорумнарыгар хоһоон куонкуруһа буолла

Бу күннэргэ Дьааны улууһугар оройуоннааҕы патриотическай пуорум буолан ааста. Суолталаах тэрээһин чэрчитинэн "Хоһоонунан дьоруойдары уруйдуубун"…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Дальний Восток – земля приключений» түмүгүн быһа эпииргэ көрдөрүөхтэрэ

Кулун тутар 5 күнүгэр Москва бириэмэтинэн 12.00 ч. "Россия" Национальнай кииҥҥэ "Дальний Восток – земля…

7 часов ago