Салгыы
Бэртээхэй бэкээринэ

Бэртээхэй бэкээринэ

24.04.2024, 15:30
Бөлөххө киир:

Килиэби оҥоруу, дьиҥэ, социальнай хайысхалаах үлэ. Бэкээринэ баар сиригэр дьон бэрт эрэллээхтик олорор.

Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгин бэкээринэтэ минньигэс килиэптээҕинэн биллэр. Бэкээринэни урбаанньыт Анатолий Киселев бэрт сатабыллаахтык салайар. Сэттэ үлэһиттээх тэрилтэ манна килиэби тэҥэ бурдук ас арааһын астаан таһаарар. Урбаанньыт бэйэтэ этэринэн, 50-ча көрүҥү астыыллар. Онон Чокуурдаах олохтоохторо күн аайы сибиэһэй бурдук аһы амсайаллар, килиэп атыылаһаллар.

Үлэлиир дьиэлэрэ төһө да эргэтин иһин, олохтоохтору килиэбинэн бигэтик хааччыйаллар, ис сүрэхтэриттэн кыһаллан үлэлииллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 мая
  • 12°C
  • Ощущается: 10°Влажность: 30% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: