Кэбээйи улууһугар Куокуйга «Угуйаан» култуура киинигэр «Тима биһикки» диэн бэртээхэй испэктээги көрдүбүт.
Манна оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар бары көхтөөхтүк кыттан үөртүлэр. Испэктээк Кэбээйи оройуонуттан бастакынан литэрэтиирэҕэ суолу тэлбит суруйааччыларбыт Т.Е. Сметанин 105, Иван Романович Петров 110 сылларыгар анаан туруорулунна. 1969 сыллаахха Иван Романович «Хотугу Сулус» сурунаал 9 №-гэр «Тимофей Сметанин» диэн ахтыытын доҕоро төрөөбүтэ 50 сыла туолуутугар анаан суруйбута.
Бу ахтыынан оскуола кэлэктиибэ «Тима биһикки» диэн бэрт истиҥ ааттаах испэктээги туруоран, итэҕэтиилээхтик оонньоон нэһилиэк дьонун сэргэхситтэ, суруйааччылар олохторун толору арыйда.
Испэктээккэ сайыҥҥы, кыһыҥҥы кэмнэр, сахалыы оонньуулар, тирии имитиитэ, саха балаҕана, көмүлүөк оһох киирбитэ көрөөччүнү итэҕэтэр, астыннарар. Оруолларынан оҕолор бэркэ оонньоотулар. Ол курдук Т. Сметанин уобараһын Игорь Игнатьев (3 кылаас), Айыллаан Яковлев (6 кылаас), Дима Сметанин (10 кылаас), Иван Петровы Айтал Иванов (4 кылаас), Марк Игнатьев (7 кылаас), Вадим Спиридонов (9 кылаас) оонньоотулар. Аны туран П. Тулааьынап, Биилин оруолларын 9 кылаас үөрэнээччитэ Кэскил Гуляев, учуутал оруолун Константин Терентьевич Игнатьев табыллан толордулар. Мөлчөс оруолун ордук табан учуутал А.П. Павлова, эбээни — Яковлева И.А., аҕаны — Гуляев Е.А., ийэни — Олесова М. Н., бастакы комсомолецтары үрдүкү кылаас оҕолоро бэркэ табыллан толордулар. Уопсайынан эттэххэ, 5 көстүүлээх оонньуу биһигини сэргэхситтэ, астыннарда. Эйэлээх олох, үлэ- хамнас, саха дьонун оччотооҕу кэмин олоҕо-дьаһаҕа, сэрии саҕаланыыта, Улуу Кыайыы үөрүүтэ барыта көстөн ааста.
Онон оҕолорбутугар, учууталларга, төрөппүттэргэ, оскуола кэлэктиибигэр, «Угуйаан» култуура киинин үлэһиттэригэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Улуу дьоммутун өссө төгүл ахтан- санаан аастыбыт, үйэлэр тухары кинилэр ааттара ахтылла туруоҕа. Бэйиэт И.Р. Петров сөпкө да эппит эбит:
«... Улуу Лена өрүһүнүү,
Устар уһун саастаныам,
Дохсун күүстээх көмүөллүү
Доҕотторбор таптатыам » диэн.
Бу ис дууһаттан суруллубут ахтыы кинилэр олохторун суолун Сэмэн Тумат эппитинии, «олох кытыан кырдьыгынан тыынар матырыйаалынан» буолар.
Тэрээһин саха литэрэтиирэтэ төрүттэммитэ 125 сылыгар ыытыллыбыта тоҕоостоох. Мантан салгыы нэьилиэкпит атын тэрилтэлэрэ, түөлбэлэрэ салгыылларын эрэнэ күүтэбит.
Варвара Спиридонова,
олохтоох бибилэтиэкэр.
Халыма-Индигиир уокуругар Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев “Биир ньыгыл Арассыыйа” уопсастыбаннай приемнайыгар быыбардааччыларын кыһалҕаларын кытта…
Тохсунньу 30 күнүттэн Арассыыйа бары киинэ тыйаатырдарыгар режиссер Константин Буслов "Злой город" диэн киинэтэ көстүөҕэ.…
Үөрэх, билим миниистирэ Нюргуна Соколова уонна Арассыыйа Дьоруойа, ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга миниистир эбээһинэһин толорооччу…
Бу күннэргэ биһиги ааҕааччыбыт уоту туһаныыга төлөбүр туһунан мунаахсыйан ыйытыы биэрбит. Ыйытыы: Уоту туһаныы тарыыбыгар…
37%-нын кириип, 35%-нын кириип буолбатах ыалдьыы, 28%-нын COVID-19 ылаллар. Саха сиригэр сытыы респираторнай вируснай инфекция…
Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий диэн мөккүөр сыл аайы күөдьүйэр. Оттон дьиҥнээҕэ хайдаҕый? Саха төрүт…